Үөһээ Бүлүү Боотулууларын көһөн кэлиилэрин устуоруйата | Статья в журнале «Юный ученый»

Отправьте статью сегодня! Журнал выйдет 28 декабря, печатный экземпляр отправим 1 января.

Опубликовать статью в журнале

Автор:

Научный руководитель:

Рубрика: Спецвыпуск

Опубликовано в Юный учёный №5 (57) май 2022 г.

Дата публикации: 07.04.2022

Статья просмотрена: 297 раз

Библиографическое описание:

Степанов, Владимир. Үөһээ Бүлүү Боотулууларын көһөн кэлиилэрин устуоруйата / Владимир Степанов, У. А. Степанов. — Текст : непосредственный // Юный ученый. — 2022. — № 5.1 (57.1). — С. 106-107. — URL: https://moluch.ru/young/archive/57/3007/ (дата обращения: 17.12.2024).



Былыр сахалар ийэ өттүнэн тоҕус үйэ тухары, оттон аҕа өттүнэн биэс үйэҕэ тиийэ аймахтарын билэллэрэ үһү.

Аҕам Николаев Алексей Алексеевич Үөһээ Бүлүү улууһун Боотулуу нэһилиэгиттэн төрүттээх. Ол иһин мин аҕам өттүнэн аймахтарбын иҥэн-тоҥон билэргэ сананным.

Боотулуулар хантан төрүттээхтэрин, хаһан, хайдах быһыылаахтык олохсуйбуттарын туһунан Г. В. Ксенофонтов “Урааҥхай сахалар” уонна М. П. Соколов “Якутия по материалам переписи 1917 года” диэн кинигэтигэр бэлиэтэнэн хаалбыт эбит. 1917 сыллааҕы биэрэбискэ суруллубутунан Сыһыы диэн күөлгэ кииннээн олорбут 52 дууһа эр киһи, дьахтар хаҥаластарбыт диэн суруйтарбыттара буолар...

Араас үһүйээннэргэ, норуот сэһэнигэр, кырдьаҕастар кэпсээннэригэр олоҕурбут матырыйааллар көрдөрөллөрүнэн нууччалар кэлиилэрин саҕана баатылыылар Амма өрүс хаҥас кытылыгар билиҥҥи Соморсун, Сулҕаччы нэһилиэктэрин сиринэн тайаан олорбуттара биллэр.

1630 сыллаахха Антон Добрынскай этэрээтэ сахалары көрдөөн кэлэн кириэппэс туттубуттарын, баатылыылар аттаах сэриинэн кэлэн уоттаан кэбиспиттэр.

Иккис улахан өрө турууларыгар боотулуулар Лаамы уонна Майда тоҥустарын кытта холбоһон, нуучча саарбаһыт (киисчит) нууччаларын кырган кэбиспиттэр.

Үһүс өрө туруулара 1642 сыллаахха буолбут. Манна баатылыылар Остафий Михайловскайы бэйэтин уонна этэрээтин суох оҥорбуттар. Мантан сылтаан боотулуулар Бүтэй Бүлүүгэ, Лаамыга, Үккэ тиийэ күрээбиттэр.

Төрдүс улахан өрө турууга Ньоҕой улаханнык сэриилэһэн баран, Аллан өрүс диэки тэскилээбит.

Уопсайынан, нуучча казактара Саха сиригэр кэлиилэрин сахалар улаханнык сөбүлээбэтэхтэр, өрө турбуттар, сэриилэспиттэр эбит. Харысхал кинигэтигэр маннык сурулла сылдьар: “Бордуолаах кинээс Өймөкөөнтөн халаан-талаан, дьон бөҕөнү өлөрөн-өһөрөн иһэр нуучча казактарын кырган баран, Дьокуускай казактарыттан тыынын тэскилэтэн 2000 сэрииһиттээх, оҕолуун-уруулуун, кулут-чаҕар дьоннуун 6000 киһини илдьэ Майа өрүһүнэн, Дьугдьуур хайатын Дьабадьы аартыгынан Кытайга күрээбиттэр. Кытай императорыгар 200 талыы сылгыны ньымааттаан (бэлэх) көмүскэл көрдөспүт”.

Бу бэһис улахан турууну салайбыт Бордуолаах тойон нуучча историятыгар киирбит киһи эбит. И. И. Серебрянников “Князь Гантимур” диэн кинигэтигэр суруйбутунан “нуучча ыраахтааҕыта Кытай императорыттан “требуют выдать государственного преступника якуцкого князца Скороульского улуса Бордулаки” диэн ирдэспит. Онуоха Кытай императора: “Бордулакины биэрэбин, ол оннугар миэхэ государственнай преступник ван Гантимуру аҕал!” — диэбит. Амыр, Дальнай Восток курдук киэҥ сири бэлэхтэппит нуучча ыраахтааҕыта Гантимуру акаарытыгар биэриэ дуо?! Аккаастаабыт. Кытай императора: “Оччоҕо Бардулакины мин эмиэ биэрбэппин”, диэн эппиэттээбит.онтон сылтаан нуучча ыраахтааҕыта “сахалары Амырга чугаһатымаҥ!” диэн ыйаах таһаарар. Харысхал суруйарынан, Бордуолаах дьонноро кытайдар ортолоругар иҥэн-сүтэн, симэлийэн хаалбыттар.

Дьэ ити өрө туруулар түмүктэригэр Үрэн Бөҕө баһылаан-көһүлээн боотулуулар Бүлүү сүнньүн булбуттар диэн биир өйдөбүл үөскүөн сөп. Онон боотулуулар нууччалар Саха сиригэр кэлбиттэрин кэннэ кэлбиттэрэ саарбаҕа суох буолар.

Баатылыылар Бүлүү сүнньүгэр кэлиилэрэ

XVII үйэҕэ кыргыстан куотан, Амма өрүс хаҥас биэрэгэр олорбут боотулуулар, Үрэн Бөҕө баһылыктаах Өлүөнэ өрүһү туораан, Сиинэни өрө батан, Нуоралдьыманы ааһан, Хатыҥ үрэҕинэн Танара үрэх баһын булан, ону таҥнары сыыйан Бүлүү сиригэр кэлбиттэр. Уопсайа 20-чэ ыал көспүт эбит. Бу айаннаан иһэн Үрэн Хоһуун дьоннорун, 3–4, 5–6 ыалы сир-сир аайы хааллартаан испит.

Боотулуулар Бүлүү өрүһү булан, урут кэлэн олохсуйбут сахалары ааһан, Бөкчөҥөө анараа өттүгэр баар Уотту күөлүгэр хаалбыт дьон Уотту Боотулуута буолбуттар. Онтон Чочулары ааһан Сыралта күөлгэ дьон хаалан олохсуйан сыралта Боотулуута буолбуттар. Куорамыкыга кэлэн улахан күөл баарыгар 4–5 ыалы олохсута хаалларбыт. Бу хаалбыттар Сэтэкэм Боотулуута буолбуттар. Мантан салгыы Үрэн Бөҕө Бүлүү уҥуор тахсыбыт Мундуҥда диэн сиргэ 5–6 ыалы хаалларан баран, салгыы үөһэ ааспыт. Бу хаалбыттар Мундуҥда Боотулуута буолбуттар. Бу Мундуҥдаҕа олохсуйа хаалбыт дьон билиҥҥи Кырыкый нэһилиэгин төрүттээбиттэр. Ити Мундуҥдаҕа хаалбыт ыаллартан Кыынньаахы уонна Туруйа Ойуун ааттара чуолкай биллэр эбит... Дьэ бу Туруйа Ойуунтан сыдьаан тардан биһиги төрүттэрбит саҕаланаллар.

Мин өбүгэм — Тоҕой Баай.

Кырыкый нэһилиэгин Кыһыл Ууһун сиригэр Ойуун күөлүгэр сүүсчэкэ ынах сүөһүлээх, элбэх сылгылаах Тоҕой — Николаев Николай Иванович диэн баай киһи төрөөн-үөскээн олорон ааспыт. Төрдө Туруйа ойуун диэн эбит. Киниттэн Кыһыл Ойуун төрүүр, Кыһыл ойуунтан Кунньах ойуун төрүүр, Кунньахтан Тоҕой аҕата Уус Уйбаан төрүүр. Онон ууһаан туран төрүттэрэ ойууттар эбит, ол да иһин олорбут күөллэрэ Ойуун күөлэ диэн ааттаммыт. Тоҕой оҕонньор сүөһүнэн, сылгынан баайын ааһан, 9 оҕолооҕо үһү: Куонааҕа, Дьэппиин, Хоччуо Маабыра, Чөппөкө Ыстапаанньыйа,Манаарыйа Испирдиэн, Көтүтэр Силиппиэн, Чохчо Мааркап, Бардьыгынатар Мэхээлэ, Сыттый Марыына. Бу оҕонньор баайыгар биир моһуоктаах эбит — ынах сүөһүтэ сүүс ахсаанын туолбатаҕа үһү. Сүүс буолаары гыннаҕын аайы хайаан да туох эрэ туора суол булан 99 буолан иһэр эбит. Оттон ыччаттара ууһаан-тэнийэн сир-сир аайы тарҕанан олохсуйбуттар. Хомойуох иһин, сорох оҕолорун удьуордара кимнээхтэрин кыайан билбэтибит.

Бу Тоҕой Баай уола Чохчо Мааркап мин хос-хос-хос эһэм буолар. Чохчо Мааркаптан мин хос-хос эһэм Марк Николаевич төрүүр, онтон хос эһэм Алексей Маркович төрүүр, кини Аҕа дойду 2 сэриитигэр ыҥырыллан барар уонна эргиллибэтэх. Кини саатар хаартыската хаалбатах. Киниттэн 3 уол оҕо хаалбытыттан мин эһэм Алексей Алексеевич саамай кыралара. Алексей Алексеевич — 1942 сыллаахха Үөһээ Бүлүү оройуонун 2 Боотулуу Кырыкый нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Дьокуускайдааҕы художественнай училищены 1966–1970 сс. үөрэнэн бүтэрбитэ. Үөһээ Бүлүү улууһун Боотулуу орто оскуолатыгар уруһуй ускуустубатын, черчение уонна уруһуй устуудьуйатын учууталынан 35 сыл устата үлэлээбитэ. Российскай Федерация үөрэҕириитин туйгуна, Педагогическай үлэ бэтэрээнэ. Боотулуу нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо. Учууталлар съезтэрин дэлэгээтэ. Саха сирин суруйааччылар сойууһун чилиэнэ. Оҕолоро: Борисова (Николаева) Туйаара Алексеевна — 2 оҕолоох; мин аҕам, Алексей Алексеевич — 5 оҕолоох;

иккис кыыс Мария Алексеевна; үһүс кыыс Неустроева (Николаева) Варвара Алексеевна — 2 кыыстаах; Николай Алексеевич — 4 оҕолоох.

Онон хас биирдии киһи бэйэтин-төрдүн ууһун хайаан да билэ-көрө, була, суруна сатыахтаах эбит. Билбэтэххин билэҕин, элбэҕи ааҕаҕын, өйдүүгүн, былыр үйэҕэ олорон ааспыт төрүттэргинэн, тулалыыр аймахтаргынан киэн туттар чуубустуба киһи сүрэҕин толорор. Ол аата эн эмиэ удьуоргун салҕаан, киһи сиэринэн олоруохтааххын, үлэлиэхтээххин.

Түмүктээн эттэххэ, ханнык баҕарар киһи төрдүн-ууһун билэрэ, үөрэтэрэ, хасыһара, үйэтитэрэ хайаан да наадалаах эбит дии саныыбын.

Литература:

  1. Дадаскинов С. Е. “Кырыкый нэһилиэгэ”, Дьокуускай, 2010 с.
  2. Николаев А. А. Оҕолорбутугар, сиэннэрбитигэр анаан. Общественно-массовое издание, Үөһээ Бүлүү, 2017 сыл. — 128 с.
  3. Николаев А. А. Тус архыыбыттан, матырыйаалларыттан ылылынна.


Задать вопрос