Ааспыт тыйыс дьыллар тымныы тыыннара | Статья в журнале «Юный ученый»

Отправьте статью сегодня! Журнал выйдет 28 декабря, печатный экземпляр отправим 1 января.

Опубликовать статью в журнале

Автор:

Научный руководитель:

Рубрика: Спецвыпуск

Опубликовано в Юный учёный №5 (57) май 2022 г.

Дата публикации: 07.04.2022

Статья просмотрена: 45 раз

Библиографическое описание:

Логинова, Милена. Ааспыт тыйыс дьыллар тымныы тыыннара / Милена Логинова, А. Г. Баягантаева. — Текст : непосредственный // Юный ученый. — 2022. — № 5.1 (57.1). — С. 58-60. — URL: https://moluch.ru/young/archive/57/2891/ (дата обращения: 17.12.2024).



Үлэм сыала: мин дьиэ кэргэним историятыгар сэрии содулун үөрэтэн өйдөбүнньүк буолар оҥоһугу оҥоруу.

Сыалбын ситиһээри маннык соруктары туруордум:

  1. Хос эбэм олоҕун туһунан аҕам саастаах дьонтон ыйыталаһан билии, хаартыскалары көрүү.
  2. Чурапчы алдьархайын туһунан араас литератураттан ааҕыы.
  3. Өйдөбүнньүк оҥоһугу оҥорон, бэйэм саастыы оҕолорго, дьоҥҥо — сэргэҕэ тарҕатыы

Аан дойдуну атыйахтаах уу курдук аймаабыт, харах уутун кыа хаанныы үрүйэлии сүүрпүт алдьархайдаах сэрии түмүктэммитэ быйыл 77 сылын туолар. Аҕыйах ахсааннаах саха норуотугар бу сэрии улахан содулу оҥорбута. Ордук Чурапчы олохтоохторо сэрии сылларыгар куускэ о5устарбыттара. Кинилэри Кэбээйигэ, Эдьигээннэ, Елөөннө балыктата диэн көскө ыыппыттара. Чурапчы оройуонун дьоно өлүүгэ: сутка, көһүүгэ түбэспиттэрэ. 1700 нэһилиэнньэттэн 1943 с. 7934 киһи эрэ ордубута, фроҥҥа 2100 киһи барбыта, онтон 1284 киһи эргиллибэтэҕэ, хоту көһүүгэ 5000 киһи барбыта 2000 кэриҥэ онно өлбүтэ.

Хос эбэм Чурапчы көһөрүллүүтүн ыар кэмнэрин санныгар сүкпүт, этинэн-хаанынан билбит киһи. Кини аата Аграфена Ивановна Иванова. 1928 сыллаахха Чурапчы улууһугар Мэлдьэхси нэһилиэгэр Чочууда диэн сайылыкка төрөөбүтэ. Бииргэ төрөөбүт 12 о5оттон 3 эрэ о5о хаалбыттар. Эбэм ийэлээх аҕатыгар бастакы оҕо буолан, элбэх оҕону сүтэрбит буоланнар дуу, сүрдээҕин мааныланар эбит.

Сэрии саҕаламмыт сылыгар аччыктааһын, кырыымчык кэм кэлбитэ. 1942 сыл күһүнүгэр көһөр буолбуттарын истэн төрөппүттэрэ ытаспыттарыгар куттаммытын өйдүүр эбит. Аллараа Бэстээххэ тэлиэгэҕэ олордон тиэйэн илдьибиттэр. Наһаа тымныы эбит. Тыал да тыал. Кумахха уот оттоллор эбит, онно иттэллэрэ үһү. Онтон борохуотунан сүөһүлэри кытта бииргэ симиллэн айаннаабыттар. Айаннарын тухары хаардаах ардах, тымныы да тымныы, тоҥуу-хатыы буолбут. Аара элбэх киһи өлбүт. Алтынньы са5ана Кэбээйи улууһугар 1 Лүүчүҥҥэ олохсуппуттар. Хос эбэбин уонна икки уолу Мукучуга оскуолаҕа үөрэттэрэ илдьибиттэр. Онно эбэм саха тылын олус сөбүлээн үөрэппит. Интернакка старостанан талбыттар. Ити үөрэммит кэмнэрин олус истинник саныыр.

1944 сыл күһүнүгэр Чурапчыга төттөрү көһөн кэлбиттэр. Кэлэн баран үөрэҕин Дириҥ оскуолатыгар саҕалаабыт.

Эбэм ол сэрии аччык, сут дьылларын олох умнубат этэ, үйэтин тухары сүрэгэр ааспат баас буолан хаалбыта. “Оҕолорбут, сиэннэрбит барахсаттар билбэтиннэр, ол ааспыт тыйыс дьыллар тымныы тыыннарын” диэн көрдөһөр буолара.

Чурапчы алдьархайа умнуллубатын туһугар көһөрүллүү кыттыылаахтара эдэр көлүөнэ ыччакка көһөрүллүү историятын элбэҕи кэпсээн, суруйан хааллардылар, араас матырыйаалы хомуйууга туох баар кыахтарын ууран туран үлэллээбиттэрэ. Мин дьиэ кэргэним историятын, хос эбэм Аграфена Ивановна туһунан биһиги кэлэр көлүөнэ билиэхтээхпит, өйдүү-саныы сылдьыахтаахпыт диэн ытык иэспит дии саныыбын. Ол иһин, дьиэ кэргэним история биһиэхэ ыччаттарыгар хааларын курдук өйдөбүнньүк оҥоһугу оҥордум.

Оҥоһукпун айылҕа матырыйаалларыттан хартыына оҥорорго сананным. Туттубут матырыйааллар: туос, тиит хатырыга, өрүс кумаҕа, талах лабаата, “Титан” клей, канцелярскай быһах, кыптыый.

Хаамыыта:

  1. Эскиз толкуйдааьын;
  2. Туттар маллары кумах, Амма өрүс бытархай тааһа, мас хатырыга, туос сууйан, ыраастаан бэлэмнээһин;
  3. Эскизпэр сөп түбэһиннэрэн шаблон бэлэмнээһин;
  4. Фон оҥоруута;
  5. Сүрүн толкуйун, деталлары килиэйдээһинэ;
  6. А3 форматтаах рамаҕа олордооһуна;

Туоспун сылаас ууга сытыаран баран чараас слойдарга араардым. Хатырыгы эмиэ чараас слойдарга араарабын. Халыҥ хатырык барсыбат. Онтон фонун: өрүһүн, халлаанын сылаас килиэйинэн оҥордум. Тымныы өҥнөрү тутуннум.

Үлэбин суруйан баран маннык түмүккэ кэллим: Инникитин даҕаны ыраах хоту көһөрүллүүгэ баран өлбүт-сүппут, күүстэрин харыстаабакка үлэ фронугар үлэлээбит биир дойдулаахтарбытын үйэтитэр ытык иэспит. Хос эбэм Аграфена Ивановна Чурапчы көһөрүллүүтүн этинэн — хаанынан билбит киһи буоларын туһунан аахпыт киһи, араас айылҕа матырыйалларын туһанан оҥоһук оҥоруон сеп.

Литература:

  1. Кыым хаьыат. 08.04.1997 с. А. И. Иванова ахтыыта.
  2. Проблемы переселения жителей Чурапчи в якутской литературе. Учебное пособие. Якутск: Издательский дом СВФУ, 2015 г.
  3. Уйулҕан. Көһөрүллүү. Дьокусскай: Бичик, 2013 с.
  4. Чурапчы алдьархайа. Москва, 2013 с
  5. Чурапчы алдьархайа: ыстатыйалар, докумуоннар, ахтыылар, уус-уран айымньылар. Дьокуускай: Бичик, 1993 с.


Задать вопрос