„Таня“ диэн кэпсээн прототиба — Алексеева Татьяна Константиновна | Статья в журнале «Юный ученый»

Отправьте статью сегодня! Журнал выйдет 28 декабря, печатный экземпляр отправим 1 января.

Опубликовать статью в журнале

Автор:

Научный руководитель:

Рубрика: Спецвыпуск

Опубликовано в Юный учёный №5 (57) май 2022 г.

Дата публикации: 07.04.2022

Статья просмотрена: 32 раза

Библиографическое описание:

Васильева, Сааскыйа. „Таня“ диэн кэпсээн прототиба — Алексеева Татьяна Константиновна / Сааскыйа Васильева, Н. Н. Тарагаева. — Текст : непосредственный // Юный ученый. — 2022. — № 5.1 (57.1). — С. 19-20. — URL: https://moluch.ru/young/archive/57/2871/ (дата обращения: 17.12.2024).



Никифор Кирикович төрөөбүт Кэнтигин наһаа таптыырын кини нэһилиэгин үһүйээнигэр олоҕуран суруйбут „Ньургуһун уонна Лоокуут“ диэн сэһэнэ, „Таня“ диэн кэпсээнэ туоһулууллар. „Таня“ диэн кэпсээн геройа Алексеева Татьяна Константиновна — мин хос эбэм.

Үлэ сыала . Н. К. Седалищев айымньыларыгар кэпсэнэр “Татыйаас”, “Таня” диэн кэпсээннэригэр хос эбэм уобараһын үөрэтэн, ырытан көрүү.

Үлэ соруга . Үлэ сыалын ситиһэргэ маннык чопчу соруктар тураллар:

– «Ой-Бэс» кинигэни ааҕыы;

– Суруйааччы тус олоҕор уонна айар үлэтигэр сыһыаннаах матырыйааллары кинигэттэн, хаһыаттан, сурунаалтан хомуйуу, бэлиэтэнии;

– Муспут матырыйаалга олоҕуран, сүрүн түмүгү таһаарыы.

Чинчийии барыма (объега). Н. К. Седалищев айар үлэтэ уонна эбэм Алексеева Татьяна Константиновна олоҕо.

Чинчийии предметэ . Н. К. Седалищев кэпсээнинэн айымньылара.

Чинчийии матырыйаала . «Бэлэм буол», «Кэскил», «Үөһээ Бүлүү» хаһыаттара уонна ааптар кинигэтэ.

Чинчийии ньымата . Суруйааччы айымньыларын ырытыы уонна аймахтарбыттан ыйыталаһыы ньымата туттулунна.

Үлэ сонуна . Н. К. Седалищев о5о5о аналлаах кэпсээннэрэ ситэ ырытылла илик. Онон бу үлэ саха тылын интэриэһиргиир, дириңэтэн үөрэтэр дьоңңо сырдатан көрдөрөр бастакы холонуу буолар.

Чинчийии көдьүүһэ . Чинчийии матырыйаалыгар олоҕуран, Н. К. Седалищев олоҕун, айар үлэтин сырдатар үлэҕэ туттуллуон сөп.

Татьяна Константиновна 1924 с. ахсынньы 22 күнүгэр Кэнтик нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Аҕата Игнатьев Константин, ийэтэ Аана диэн колхуостаахтар эбит. Ворошилов колхозка үлэлээбиттэр. 9 саастааҕар Тыымпыга оскуолаҕа биэрбиттэр. Олохторо Хоптолооххо эбит. Атырдьахха киирэр аартыкка олорбуттар.

Кини 1932 сыллаахха ахсынньы ыйга 8 сааһын туолбут. Олорбут сирдэрэ Хоптолоох Атырдьах алааска түһэр аартыгар эбит. Аҕыс уоннаах Өлөксөй оҕонньор кыһын миэлиңсэҕэ колхозтаахтар сиир бурдуктарын сиэнэ Танялыын мэлийэллэр эбит. Оҕонньор бурдук көрөр, Таня оҕус сиэтэр, күннээҕи нуормалара 50 киилэ бурдук.

Сайын Таня колхозтаахтар күнүскү омурҕаннарыгар уу баһан чэйдэрин өрөр. Чугас Түңкэрик көрдүгэниттэн уу баһарыгар бэйэтигэр сөптөөх икки кыра туос ыаҕайалаах. Хаста да кырынан улахан салабаары толорон чэй өрөр. Эбээһинэһин хаһан да умнубакка толорор эбит. Ону таһынан кини атын артыал оҕолорун кытта бааһынаҕа тохтубут бурдугу ичигэстииргэ, хортуоппуй отун ыраастыырга куоталаһар, биригэдьиир Чочохов Өлөксөй хай5алын куруук ылар.

1933 с. кулаактааһын саҕана Дьүөгэ Ааныстыырабы кытта ыалы кэрийэн сүөһүлэрин, баайдарын суруйбуттар.

Таня оччолорго кыра уончалаах кыыс колхоз араас үлэтигэр көмөлөһөрө. Эһэтэ Игнатьев Алексей Игнатьевич (Субуллар Өлөксөй) оҕолорунаан Көстөкүүннүүн, Силиптээхтиин бастакы колхозтаахтар этилэр. Саас бэдэрээччиттэр төннөллөрүгэр Харыйалаахха, Лебедев өтөҕөр, сибиэбийэҕэ хонон ааһаллара, онтон Үкэҕэ Кубадьыга тиийэллэрэ (Михайлов Никита Михайловичка). Ол айаны тулуйбакка бэдэрээт аттара саас ыран-быстан кэлэллэрэ. Сорох аты сыарҕаҕа тиэйэн аҕалан араңастаан туран аһаталлара. Сыарҕатын көтүрэн, сыңааҕын тиэйэн иһэр буолаллара.

Артыал ордук ото суох буолан, оччотооҕу совет председателэ Иванов Николай Илларионович (Кутургуйа Ньукулай) ыалтан биирдии-иккилии бугулу хомуйарга дьаһайбыт. Ол сорудаҕы Микииппэр кыра Танялыын толорон ыалтан от хомуйаллара. Кыра уончалаах Таня ала оҕуһун сиэтэ сылдьара. Арай биирдэ тастарынааҕы алааска олорор сэниэ ыалларга тиийбиттэр. Сыыр үрдүгэр олорор, урут кинээстээн сылдьыбыт киһиэхэ киирбиттэригэр икки бугул оту биэрбит. Отторун тиэйэн, сыыр анныгар олорор быраатыгар, кулаактаан куоластыыр бырааба быһыллыбыт киһиэхэ, дьиэлэригэр Микииппэр көтөн түһэн соругун эппит. Онно анараа киһи кыыһыран бурҕаллан турбут, дьиэтиттэн үүртэлээн таһаарбыт, үөхсүбүт. Микииппэр утарыласпытыгар тиэрэ садьыйбыт, сырсыбыт уонна атырдьа5ынан бырахпыт. Уол аһаран биэрээт, үс мас бүтэй үрдүнэн ойбут. Уонна Таняҕа соруйбут: „Таня түргэнник баран Совет председателигэр Кутургуйа Ньукулайга тыллаа, кэлэн дьаһал ыллын,“ — диэбит.

Таня баарынан-суоҕунан сүүрэн Харыйалаах илин баһыгар олорор Иванов Николай Илларионовичка тиийэр. Председатель атын үрдүгэр түһэн, Таняны мэңэһиннэрэн тиийэн этэн көрбүтүн киһилэрэ кыккыраччы аккаастаан кэбиспит.

—Дьэ ол курдук, ол ыал куһаҕан дьон этилэр, — диэн Татьяна Константиновна субу соторутаа5ыта буолбут курдук хомойбутун кэпсиир.

Кырачаан Таня улаатан баран, сэрии алдьархайын бэйэтэ эмиэ этинэн-хаанынан билбитэ. 1942–43 сс. ФЗО-ҕа үлэлээбит, Тарагаева Евдокия уонна Васильева Анисия буоланнар. Болуотунан кэлбит бэрэбинэлэри бэйэлэрэ таҥастаан мас буочука оҥорбуттар. Ол буочукаҕа балык туустаан фроҥҥа ыыталлар эбит. 1949 с. Егоров Василий Егоровичка кэргэн тахсан Бүлүүгэ көһөн киирбит. 4 оҕоломмут.

Улахан кыыһа Клавдия Васильевна өр сылларга учууталынан үлэлээбитэ. Татьяна Константиновна сиэнэ Таня биһиги оскуолабытын 2000 сыллаахха үрүң көмүс мэтээлинэн бүтэрбитэ. Билигин Мирнэй куоракка студеннары омук тылыгар үөрэтэр.

„Таня“ диэн кэпсээни ааҕан баран, маннык санааҕа кэллим: оччотооҕу оҕолор үлэһиттэр, ыарахан үлэттэн толлон турбаттар, айылҕаларын таптыыллар, улахан киһини убаастыыллар.

Оҕо-аймах таптыыр суруйааччыта — Дьүөгэ Ааныстыырап кэпсээннэрин аахпыт оҕо хайаан да үтүө суобастаах, үчүгэйи куһаҕантан араарар, үлэһит буола улаатыа диэн эрэнэбин.

Оҕолоор, элбэҕи ааҕыҥ, оччоҕо санааҕыт ырааһырыа, сүрэххит күүстээх, аһыныгас буолуо уонна төһө эмэ элбэх үчүгэйи-кэрэни билиэххит, арыйыаххыт.

Туһаныллыбыт литература:

  1. Данилов Софр. Дьүөгэ Ааныстыырап / / Данилов Софр. Сэттэ томнаах айымньылар. — Дьокуускай, 2001. — 6-с т. Сыллар, дьоннор, санаалар. — С. 286–294.
  2. Тумат С. Кинилэргэ сүгүрүйэбит: [Аҕа дойду көмүскэлигэр кыттыбыт суруйааччылар] / / «Чолбон». — 2000. — № 5. — С. 31–34.
  3. Нынныров Г. — Кэнтик Киргиэлэйэ. Сайаҕас санаалаах саха этэ / / Сахаада. — 1994. — Ыам ыйын 5, 26 кк. — («Өлүөнэ сарсыардата»; № 10).
  4. Нынныров Г. — Кэнтик Киргиэлэйэ. Дьүөгэ диэн ааттыын даҕаны кэрэ киhи этэ / / Саха Сирэ. — 1993. — Тохсунньу 29 к.
  5. Дьүөгэ Ааныстыырап. Ой Бэс / Саха сиринээҕи кинигэ изд-та, 1977


Задать вопрос