Атамайдааҕы Николаевскай таҥара дьиэтэ – кэм-кэрдии устатыгар | Статья в журнале «Юный ученый»

Отправьте статью сегодня! Журнал выйдет 28 декабря, печатный экземпляр отправим 1 января.

Опубликовать статью в журнале

Автор:

Научный руководитель:

Рубрика: Спецвыпуск

Опубликовано в Юный учёный №5 (57) май 2022 г.

Дата публикации: 07.04.2022

Статья просмотрена: 27 раз

Библиографическое описание:

Касьянова, Камила. Атамайдааҕы Николаевскай таҥара дьиэтэ – кэм-кэрдии устатыгар / Камила Касьянова, Т. В. Касьянова. — Текст : непосредственный // Юный ученый. — 2022. — № 5.1 (57.1). — С. 50-51. — URL: https://moluch.ru/young/archive/57/2993/ (дата обращения: 19.12.2024).



Чинчийии тоҕоостооҕо (актуальноһа): Хас биирдии киһи дойдутун историятын билиэхтээх, үөрэтиэхтээх, киэн туттуохтаах. Ол курдук уруккунан Нам улууһун территориятыгар соҕотох хаалбыт архитектурнай, историческай тутууга суолта ууран, харыстабыллаах сыһыаны олохтооһун.

Чинчийии сыала: Атамайдааҕы Николаевскай таҥара дьиэтэ кэм-кэрдии устатыгар уларыйыытын кэтээн көрүү.

Сабаҕалааһын: Оҕотөрөөбүт дойдутун историятын билэн истэҕин аайы, туспа нэһилиэктэр, туһунан событиелар быстыбат ситимнэрин өйдөөн, дойдутун сайдыытын туһунан саҥалыы көрүү үөскүөхтээх.

Үс кэрдиис кэмҥэ — XIX, XX, XXI араардым; бу үйэлэри ааспыт таҥара дьиэтигэр сыһыаны тэҥнээн көрдүм.

Нэһилиэгим кинигэтиттэн («Салбаҥ») саҕалаатахпына, Атамайдар уонна Салбаҥнар икки ардыларыгар таҥара дьиэтин ханна тутар туһунан мөккүөр үөскүү сылдьыбыт эбит. Түмүккэ таҥара дьиэтэ Атамай сиригэр Улуу Сыһыыга тутуллубут диэн кинигэҕэ суруллубут.

Филологическай наука доктора Л. Н. Харитонов «Атамайдааҕы Николаевскай таҥара дьиэтэ уонна приходской оскуолата» диэн ыстатыйатыгар Атамайдааҕы Николаевскай таҥара дьиэтин историята 1863 с. Тихон Необутов таҥара үлэһитэ Павелтан чочуобуна туттарыытын көрдөспүтүттэн саҕаланар диэн суруйбут.

Уонна бары кинигэлэри холбуу тутан көрдөххө, 1865 сыл тохсунньутугар нэһилиэк старостата Никифор Аргунов таҥара дьиэтин тутуутун көрдөспүт. Улуу Сыһыыга тутуллара сөптөөх диэн быһаарыыга кэлбиттэр. 1890 сыл ахсынньы 18 күнүгэр биллибэт биричиинэнэн, икки куолакалтан ураты, барыта баһаарга умайбыт.

Николай Харитонов саҥа храм тутуутугар бэйэтиттэн 500 солкуобайы сиэртибэлээбит. Биир дойдулаахтара ону иилэ хабан, 1500 солкуобайы сиэртибэлээбиттэр. 1895 с. тутуу түмүктэммит. 1898 с. нэһилиэк старостата Данила Иванович Харитонов кыһаллан, сүүрэн-көтөн таҥара дьиэтин иһинэн оскуола астарбыт.

XIX үйэҕэ таҥара үөрэҕэ саха дьонугар сүрдээҕин суолталанар эбит диэн көрдүм. Бары сиэртибэлээн туран, хаттаан таҥара дьиэтин туттарыылара, ол иһинэн оскуола аһыылара кинилэр духуобунай культураны сыаналыылларын көрдөрөр. Атамайдааҕы Николаевскай таҥара дьиэтин тутуутугар, приходской оскуола аһыллыытыгар Харитоновтар аймах улахан оруолу ылбыттар.

Егор Картузов-Чоруун «Тоймо Сэмэн» диэн автобиографическай хабааннаах кэпсээнигэр Улуу Сыһыы таҥаратын дьиэтин кытта олохторун сибээстээбит таҥара үлэһиттэрин туһунан кэпсэнэр. Аҕалара Дабыыт — куолакал тыаһатааччы, ийэлэрэ Балбаара — сууйааччы-сотооччу. Балбаара Дабыыкка кэргэн тахсан икки уол, биир кыыс оҕоломмуттар: Дьэбдьиэ, Бүөтүр, Тоймо Сэмэн. Быр-бааччы олордохторуна, олох уларыйар, онтон кыһыл-үрүҥ сэриитэ саҕаланар. Уон алта куолакалы хомсомуол оҕолор куупалы кэрдэн, үөһэттэн быраҕаттаабыттар. Онно отут икки бууттаах ийэ куолакал үөһэттэн сиргэ батары түспүт чэрэ саҥа былаас таҥара үөрэҕэр хабыр сыһыанын көрдөрөр.

Кэпсээҥҥэ кэпсэнэр Дьэбдьиэ уола, чемпион уолаттардаах улахан тренер, Степан Степанович Контоев буолар. Ийэтэ уонна таайа Бүөтүр Дабыыдабыс кэпсииллэринэн, таҥара дьиэтэ 1927 -28 сылларга үлэлии турбут. Ийэтэ таҥара дьиэтин Нардуом (народный дом), оскуола оҥорбут кэмнэригэр остуорастаабыт. Улуу Сыһыыны бөдөҥсүтүү кэмигэр, 1953 сыллаахха Одуну нэһилиэгэр (Маҕараска) холбообуттарын кэннэ, олохтоохтор көһөн барбыттар. Дьэбдьиэ соҕотоҕун хаалан, 20-чэ сыл олорбут.

XX үйэҕэ саҥа былаас ыыппыт политиката көрдөрөрүнэн, духуобунаһы билиммэт буолуу үөскээбит. Итини Атамайдааҕы Николаевскай таҥара дьиэтин холобуруттан да көрүөххэ сөп. Өр кэмҥэ Евдокия Давыдовна дьонун, дьонун үлэлэрин кэриэстээн, таҥара дьиэтин соҕотоҕун көрөн-харайан олорбута баччаҕа диэри тиийэн кэллэҕэ. Манна кини холобура, оруола сүҥкэн.

Билиҥҥи кэмҥэ таҥара дьиэтин суолтата, үөрэҕэ хаттаан төннөн эрэрэ көстөр. Аҕалаах уол Контоевтар дьоннорун үтүө дьыалаларын салҕыырга ылыстылар, инникитин музей оҥорор баҕалаахтар. Иннокентий Захарович Кривошапкин «Ытык сир ыралаах, кэрэ сир кэскиллээх» кинигэтигэр «билигин Атамайдааҕы Николаевскай таҥара дьиэтэ государствонан харыстанар архитектура пааматынньыга буолар» диэн суруллубут.

Онон, Атамайдааҕы Николаевскай таҥара дьиэтигэр биир кэм сыһыан олохтоммотоҕо, үйэ аайы араас сыһыаны көрсүбүт. Ити үөһээ былаас хайдах сыһыаны олохтууруттан тутулуктааҕа буолуо.

Туһаныллыбыт литература:

  1. Никонов Т. П., Полякова А. М. Православная церковь и школы Намского улуса Якутской области XIX — начала XX вв. — Я.: Көмүөл, 2016. — с. 191.
  2. Замятин Т. И., Протопопова Е. Д. Нэһилиэк былыргыта //Салбаҥ. — Дьок, 2016. — с. 23–24.
  3. Картузов Е. — Чоруун. Тоймо Сэмэн// Күрүлгэн, 2017. –№ 2.- с. 60–65.
  4. Контоев С. С. Улуу Сыһыы таҥаратын дьиэтэ// Үлэ күүһэ, 2012.
  5. Кривошапкин И. З. Нам улууһугар православнай итэҕэл киириитэ// Ытык сир ыралаах, кэрэ сир кэскиллээх. — Нам, 2009. — с. 12–19.
  6. Юрганова И. И. Храмы Намского улуса//Намский улус. — Я.: Бичик, 2010. — с.91–97.


Задать вопрос