Муҥха — саха норуотун үгэһэ | Статья в журнале «Юный ученый»

Отправьте статью сегодня! Журнал выйдет 28 декабря, печатный экземпляр отправим 1 января.

Опубликовать статью в журнале

Автор:

Научный руководитель:

Рубрика: Спецвыпуск

Опубликовано в Юный учёный №5 (57) май 2022 г.

Дата публикации: 07.04.2022

Статья просмотрена: 250 раз

Библиографическое описание:

Иванов, Алквиад. Муҥха — саха норуотун үгэһэ / Алквиад Иванов, Т. Е. Слободчикова. — Текст : непосредственный // Юный ученый. — 2022. — № 5.1 (57.1). — С. 42-43. — URL: https://moluch.ru/young/archive/57/2988/ (дата обращения: 19.12.2024).



Былыыр-былыргыттан балык саха норуотун иитэн-аһатан кэлбитэ олоххо баар чахчы. Собо барахсан сэрии сут сылларыгар төһөлөөх киһи олоҕун салҕаабыта буолуой? Онон норуотум бу үтүө үгэһин туһунан билсиһэр санааттан «Муҥха — саха норуотун үгэһэ» диэн теманы таллым. Үлэм сыала: Муҥха — төрүт үгэспит буоларын билиһиннэрии. Үлэ сыалын ситиһэргэ ман-нык кэккэ сорук турар: 1.Муҥха сиэрин-туомун үөрэтии; 2.Муҥха туһунан билэр дьонтон ыйыталаһыы, мунхаҕа сылдьыы; 3.Муҥха туһунан билсиһиннэрэр интерактивнай оонньууну оҥоруу. Чинчийии предметэ: Муҥха — төрүт үгэс Чинчийии объега: муҥха туһунан интерактивнай оонньуу Саҥа сүүрээн: оҕолорго аналлаах муҥха туһунан интерактивнай оонньуу. Практическай туттуллуута: бу интерактивнай оонньуу төрүт култуура уруоктарыгар эбии ма-тырыйаал быһыытынан эрэ буолбакка, баҕалаах оҕо бэйэтин билиитин-көрүүтүн кэҥэттэригэр туттуллуон сөп. Балыктааһын көрүҥэ араас буолар. Ол курдук, илимнээһин,куйуурдааһын, муҥхалааһын, туулааһын, күөгүлээһин. Муҥха –элбэх дьону түмэ тардар балыктааһын биир улахан көрүҥэ буолар. Муҥха хас да араастаах: Сайыҥҥы, кыһыҥҥы, өрүс муҥха-та.Муҥха күөл уонна өрүс киэнэ диэҥҥэ арахсар. Күөл муҥхатынан дьыл ханнык баҕар кэмигэр балык-тыыллар. Өрүс муҥхатынан сылаас эрэ кэмҥэ.Күрэх муҥхата алтынньы ый бүтүүтүттэн саҕа-ланан барар. Күөл бүтүннүү мууһунан бүрүлүннэҕинэ, балык бөлөхтөһөр кэмигэр муҥхалааһын саҕаланар.Биир эбэҕэ 2–3 муҥханы тэҥҥэ түһэриэхтэрин сөп.Өбүгэлэрбит балыктааһыҥҥа сиэри-туому тутуһаллара. Сахалар күөл иччитин Туона баай, Күөх Боллох тойон диэн ааттыылла-ра. Айах тутан көрдөһөллөрө.Муҥхалыыр күөлгэ мээнэ улаханнык саҥарары, үөгүлүүрү, тыаһыыры боболлоро. Оччоҕо балык күрэнэр. Балык уҥуоҕунтубэһиэх сиргэ бырахпаттар, унуоҕу тэпсэ сылдьыбаттар,уокка бырахпаттар — аньыы. Саха дьоно ытык Эбэлэрин көрөн- харайан ыраастыыллар, араҥаччылыыллар. Өбүгэ үгэстэрин кэһэн, ууну быртаҕырдыбаттар, ууга өлүгү, уҥуоҕу, кири-хаҕы бырахпаттар. Балыгы бултуур тэрилинэн оҕону оонньоппоттор. Булкуттан дьоҥҥо бэрсэр буол, киһи наадыйан көр-дөөтөҕүнэ балыктыыр тэрилгиттэн уларыс. Биһиги нэһилиэкпит көмүс хатырыктааҕынан баай элбэх күөллэрдээх. Улууска биллэр Улахан Кэҥэ-римэ уонна Аччыгый Кэҥэримэ диэн күөллэрдээх. Кырдьаҕастар харыстаан Улахан Эбэ, Аччы-гый Эбэ диэн харыстаан ааттыыллар.Собото саа-май эмис, улахан, элбэх. Сылы быһа көмүс ха-тырыктааҕынан аһаталлар. Күһүн улууска бил-лэр улахан муҥха ыытыллар. Сайыны быһа нэ-һилиэк олохтоохторо илимнээн аһыыллар. Ону таһынан Хаастаах, Хомустаах, Тохтоһут, Кыталыктаах диэн муҥхаланар күөллэрдээх. Бу күөллэргэ эмиэ сайыннары илимнииллэр, саас куйуурдууллар.Мин быйыл бастакытын аҕабын кытта “Хаастаах” диэн күөлгэ кыһыҥҥы муҥ-хаҕа сырыттым. Бу муҥхаҕа сылдьыбыт тү-гэним өйдөбүл буоллун диэн хаартыскаҕа, видеоҕа түһэрбитим.Улаатан эрэр оҕо үксүн аныгы технологияларга сыстаҕас. Телефону, компьютеры бары өттүттэн сатыыр. Билиҥҥи информатизация кэмигэр, ҕолорго анаан бу интерактивнай оонньуу оҥоһулунна. Бу оонньуу саха төрүт үгэһин –муҥха туһунан кыра эрдэхтэн билэргэ аналлаах. «Муҥхалааьын» интерактивнай оонньуу салаалара: 1.Мунха үтүө үгэстэрэ 2.Муҥхаҕа туттуллар сэп-сэбиргэл 3.Муҥха үлэтэ Оонньуу үөрэтэр-билсиһиннэрэр сыаллаах. 5–6 кылаас оҕолоругар аналлаах. Бу интерактивнай оонньууну интэриэһиргээбит оҕо бэйэтэ үөрэтиэн сөп, эбэтэр кылаас таһынан дьарыкка, Саха Республикатын Норуоттарын култууратын уруогар туһаныахха сөп. Дистанционнай үөрэх кэмигэр, билиини хаҥатарга, уруокка туттарга көдьүүстээх буолуо.

Үлэм түмүгэ:

1.Муҥха — саха норуотун өбүгэ саҕаттан илдьэ кэлбит үтүө үгэһэ аныгы да кэмҥэ суолтатын сүтэрбэт.

2.Техника куускэ сайдыбыт кэмигэр оҕолорго муҥха туһунан билсиһин-нэрэр электроннай оонньуу быдан көдьүүстээх буолуо.

3.Балыксыт сиэрин –туомун, үгэстэрин кытта билистим.

4.Бу билиим-көрүүм уол оҕо буоларым быһыытынан, олохпор туһалаах буо-луо дии саныыбын.

5.Муҥхаҕа сылдьаммын видеоҕа уһуллум, ютуб каналга уктум.

6. Балык саппааһын эспэккэ сиэрдээхтик муҥхалаан, айылҕабытын, эбэлэрбитин киртиппэккэ кэлэр көлүөнэҕэ тиэрдии — саха киһитин ытык иэһэ.

Литература:

  1. Васильев М. С. Утум- Дьокуускай: Бичик, 2007–224 с
  2. Кононова Т. С. Саха төрүт итэҕэлигэр сүгүрүйүү сиэрдэрэ- туомнара: Саха норуотун төрүт культуратын үөрэтиигэ көмө матырыйааллар.- Чурапчы, 1992–32 с
  3. Эверстов С. И. «Рыболовный промысел в историко-культурном наследии народа саха»- Дьокуускай,2009
  4. ХомусУйбаан. Холумтан сылааһа-саха дьарыга, үгэһэ-Дьокуускай:Бичик, 2013- 61 с
  5. Музей стендэлэриттэн матырыйааллар


Задать вопрос