Сайын лааҕыр оҕолоро бөһүөлэкпит уулуссаларын бөҕүн-сыыһын ыраастаабыппыт. Онно уулуссаларбыт сүөһү ноһуомуттан олус киртийэллэрин бэлиэтии көрбүппүт. Ол иһин уулуссаларбытын хайдах ыраастык тутабыт диэн ыйытыкка эппиэт көрдөөн чинчийэр үлэбин саҕалаабытым.
Үлэ тоҕоостооҕо: Саха киһитэ бэрт былыргыттан чэнчис буоларга дьулуһара. Оннооҕор былыргы үөрэҕэ суох сахалар үстүү дьиэнэн олороллоро: кыстык, сайылык, отордуур дьиэ. Бу өбүгэлэрбит биир муударай быһаарыныылара эбит. Кыстыктан сайылыкка көһөргө кыстык сирин кылбаччы ыраастанар, сүөһү сааҕын хомуйан уматыллар. Сайылыктан көһөргө биир оннук. Онтон билигин сайылыкка көспөт буолан бөһүөлэкпит сүөһү ноһуомугар көмүллэн эрэр.
Проблемата: Сүөһү ноһуомун хайдах ыраастыахха сөбүй?
Бу проблеманы быһаараары саамай туһалааҕынан — түптэлээһиҥҥэ тохтоон учууталбын кытта «Түптэ» бырайыак оҥордубут.
Сыала: «Түптэ» бырайыак көмөтүнэн бөһүөлэкпитин ырааһырдыы.
Соруктар: 1. Түптэ миэстэлэрин булуу.
2. Симиэтэ оҥоһуута, үбүлээһинин быһаарыы.
3. Үлэни толоруу.
Сонуна: «Түптэ» бырайыак бөһүөлэкпит экологическай хайысхалаах үлэтигэр көмө-тирэх буолуо.
Сабаҕалааһын: Бырайыак үлэтигэр кыттар оҕо иллэҥ кэмин туһалаахтык атаарыа, үтүө дьыаланы оҥоруо, бар дьоҥҥокөмөлөһүө, дойдутугар туһа киһитэ буолуо. Икки-үс улахан киһиэхэ үлэ миэстэтэ тахсыа.
Боотулуу — Үөһээ Бүлүү улууһун биир улахан нэһилиэгэ буолар. Нэһилиэнньэ сүрүн дьарыга: ынах-сылгы иитии. Уопсайа 976 ынах сүөһү баарыттан ыанар ынаҕа 380-ча.
Бырайыакпыт былаана
Бөһүөлэкпитигэр 4 түөлбэ баар: “Ойоҕос”, “Атах”, “Центр” уонна “Булуҥ”.
Квадратынан олорор дьиэ, төгүрүгүнэн түптэ миэстэтэ ойууланнылар. “Ойоҕос” түөлбэҕэ — 1 түптэ (70 сүөһү), “Атахха”- 2 түптэ (100 сүөһү), “Центрга” — (110 сүөһү), “Булуҥҥа” — 1 түптэ (80 сүөһү) оҥоһуллар. Уопсайа — 6 сиргэ түптэлиир күрүө тутуллар.
Күрүө устата 4метр, туората эмиэ 4 метр буолар. Биир күрүөҕэ 8 баҕаналаах, баҕанатын үрдүгэ 1метр, үс эрээт сиэрдийэлэнэр.
Бырайыак симиэтэтэ
№ |
Үлэ аата |
Ахсаана |
Сыаната |
I |
Матырыйаал — сиэрдийэ 40 устуука*8м (2м), тоһоҕо — 5 кг*12 мм |
||
1. Сиэрдийэ көҥүлэ |
2 м³ |
400 |
|
2. Кэрдэн киллэрии |
1 сырыы |
2000 |
|
3. Суоран бэлэмнээһин |
40 устуука |
800 |
|
4. Тоһо5о 12 см |
5 кг |
300 |
|
Матырыйаал барыта |
3500 солк. |
||
II |
Тутуу үлэтэ |
||
1. Баҕана үүтүн хаһыы |
48 |
1048 |
|
2. Баҕана туруоруута |
48 |
540 |
|
3. Сиэрдийэ саайыыта |
40 |
400 |
|
Үлэ барыта |
2020 солк |
Уопсайа: 5520 солк.
Үбүлээһин: дьаһалта тупсарыыга буондата (1000000 солк.
Ү лэ хаамыыта
Үлэ аата |
Бириэмэтэ |
Сиэрдийэни кэрдэн киллэрии |
Муус устар |
Сиэрдийэ, балаҕан бэлэмэ |
Ыам ыйа |
Баҕана үүтүн кэһии |
Бэс ыйын ортото |
Тутуу |
Бэс ыйын ортото |
Буруолатыы |
Бэс ыйын ортото-атырдьах ортото |
Хомуйуу |
Атырдьах ыйын бүтүүтэ |
Түмүк
Сүөһү ноһуомун ыраастааһын биир ньыматынан түптэлээһин буолар.
Бырайыак үлэҕэ киирдэҕинэ:
– олорор уулуссаларбыт ырааһырыахтара, бөһүөлэкпит тупсуо;
– 2–3 киһиэхэ үлэ миэстэтэ тахсыа;
– оҕо-аймах ыраас уулуссаҕа дуоһуйа сынньаныахпыт, сүүрэн-көтөн доруобуйабытын тупсарыахпыт.
Бырайыак тулалыыр эйгэҕэ буортута суох.
Литература:
- Байылыат. Дьиэ кэргэн экономиката. Дьокуускай, ГУП “Агроинформ”, 1999 с.
- Петров Е. А. Тиэргэнтэн тэнийэн, Дьокуускай: “Бичик”, 2001 с.
- Боотулуу нэһилиэгин хаһаайыстыбаннай кинигэтэ