Дьүөгэ Ааныстыырап оҕолорго аналлаах айымньылара | Статья в журнале «Юный ученый»

Отправьте статью сегодня! Журнал выйдет 28 декабря, печатный экземпляр отправим 1 января.

Опубликовать статью в журнале

Автор:

Научный руководитель:

Рубрика: Спецвыпуск

Опубликовано в Юный учёный №5 (57) май 2022 г.

Дата публикации: 07.04.2022

Статья просмотрена: 318 раз

Библиографическое описание:

Усова, Аина. Дьүөгэ Ааныстыырап оҕолорго аналлаах айымньылара / Аина Усова, Н. Н. Тарагаева. — Текст : непосредственный // Юный ученый. — 2022. — № 5.1 (57.1). — С. 115-117. — URL: https://moluch.ru/young/archive/57/2911/ (дата обращения: 17.12.2024).



Киириитэ.

Никифор Кирикович Седалищев — Дьүөгэ Ааныстыырап 1913 с. тохсунньу 29 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун Кэнтик нэһилиэгэр дьадаҥы дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ.

Кини архыыбыгар «Прозаҕа кэлбит ыллыгым» диэн хайдах суруйааччы буолан испитин туһунан быстах бэлиэтээһиннэрэ бааллар. Онно кини буукубаны холбоон, тыл таһаарар буолуоҕуттан ыла сахалыы литератураны умсугуйан туран ааҕарын, Эрилик Эристиин «Соһуччу үөрүү» диэн айымньытын ааҕан баран, ытаабытын ахтар. «1933 сыл уус-уран литература туһунан өйдөбүллэммитим, — диэн суруйар кини. — Суруйааччылар айымньыларын ааҕа-ааҕабын: «Мин бэйэм да суруйдарбын, хайдах буолуо этэй?» — диэн, ымсыыра санаан кэлэрим. Ол гынан баран туох туһунан, хайдах суруйары билбэт этим..”.

Дьүөгэ Ааныстыырап 1936 с. бэчээккэ үгүстүк тахсан барбыта. Онон айымньылаах үлэтэ Аҕа дойду сэриитин иннинэ 5 сыл устата саҕаламмыта. Кини отучча кэпсээни суруйан хаалларбыта биллэр. 1939 с. Саха сирин суруйааччыларын союһун чилиэнэ.

Үлэ сыала . Н. К. Седалищев — Дьүөгэ Ааныстыырап оҕолорго аналлаах айымньыларын ааҕан, ырытан көрүү.

Үлэ соруга . Үлэ сыалын ситиһэргэ маннык чопчу соруктар тураллар:

  • «Ой-Бэс» кинигэни аа5ыы;
  • Суруйааччы тус оло5ор уонна айар үлэтигэр сыһыаннаах матырыйааллары кинигэттэн, хаһыаттан, сурунаалтан хомуйуу, бэлиэтэнии;
  • Суруйааччы айар үлэтигэр оҕолорго аналлаах айымньыларын ырытыы;
  • Муспут матырыйаалга олоҕуран, сүрүн түмүгү таһаарыы.

Чинчийии барыма (объега). Н. К. Седалищев айар үлэтэ.

Чинчийии предметэ . Н. К. Седалищев кэпсээнинэн айымньылара уонна пьесата.

Чинчийии матырыйаала . «Бэлэм буол», «Кэскил», «Үөһээ Бүлүү» хаһыаттара уонна ааптар кинигэтэ.

Чинчийии ньымата . Суруйааччы айымньыларын ырытыы уонна оҕолорго аналлаах кэпсээннэри тиэмэлэрин араастарынан наардааһын ньымата туттулунна.

Үлэ сонуна . Н. К. Седалищев о5о5о аналлаах кэпсээннэрэ ситэ ырытылла илик. Онон бу үлэ саха тылын интэриэһиргиир, дириңэтэн үөрэтэр дьоңңо сырдатан көрдөрөр бастакы холонуу буолар.

Чинчийии көдьүүһэ . Чинчийии матырыйаалыгар олоҕуран, Н. К. Седалищев олоҕун, айар үлэтин сырдатар үлэҕэ туттуллуон сөп.

1. Революция иннинээ ҕ и о ҕ олор олохторун к ө рд ө р ө р айымньылар.

Никифор Кирикович Седалищев оҕолор быһыыларын-майгыларын, психологияларын, интэриэстэрин учуутал үөрэҕэр үөрэммит уонна учууталлаабыт буолан үчүгэйдик билэрэ, судургу дьэҥкэ тылынан кинилэргэ кэрэхсэтэр образтары, хартыыналары сатаан ойуулуура. Суруйааччы ыраахтааҕы былааһын саҕана дьадаҥы дьон оҕолоро эрэйгэ-кыһалҕаҕа эриллэн улааталларын, баай дьон оҕолоруттан туспа-туора тутуллалларын, былыргы оскуола тµктэри µгэстэрин туґунан эдэр ааҕааччыларга итэҕэтиилээхтик кэпсиирэ.

«Куонда — Кэриэскэ».

Бу кэпсээҥҥэ суруйааччы революция иннинээҕи оскуоланы ойуулуур. Кэпсээн маҥнайгы строкаларын ааҕааккын кытта «уһун бытыктаах, сирэйэ кыдаҕырыйбыт, хаан тымырдаах харахтарын түннэри көрбүт» Винокуров аҕабыыт ынырык мөссүөнэ көстө түһэр. Аҕабыыттар оҕолор өйдөрүн-санааларын итэҕэл үөрэҕинэн сынньаллар. «Таҥара хас сирэйдээҕий, хас сүһүөхтээҕий?» — диэн ыйыта-ыйыта, кини дьадаҥы оҕолору арсыын уһуннаах элэниэйкэнэн кырбаталыыр, кулгаахтарытан сиэтэн илдьэн муннукка кырыылаах хардаҕаска тобуктатан туруортуур, араас быдьар тылынан үөҕүтэлиир. Ити «үөрэхпит» дьүһүнэ. Оттон «таһырдьа хобдох баҕайы тыал үөлэс үүтүнэн энэлийэр... Куолакал тыаһа эҥин араастаан аарыгыран, лаҥкынаан түннүгүнэн киирэр... Кыра түннүктээх, аҕыйах хостоох, сарайа суох сүүрбэччэ оҕолоох, намыһах, самнайбыт Куонда — Кириэстээҕи церковнай-приходской оскуола томтор үрдүгэр, сиргэ тимирэн эрэрдии турар..”. диэн автор кэпсээнин түмүктүүр. Ити хартыына былыргы оскуола дьиҥнээх балаһыанньатын ойуулаан көрдөрөр.

«Кирисиэнньэ түүн»

Кыракый новелла. Манна суруйааччы урут түҥкэтэх, хараҥа тыа сирин оҕолоро кыһыҥҥы таҥара бырааһынньыгын хайдах атаарбыттарын туһунан кэпсиир. Оҕолор таҥханы иһиллээри ойбоҥҥо киирэн үлүйэ сыһан тахсаллар, дьиэлэригэр кэлэн сэлиэнэйдээх ууга биһилэҕи түһэрэн, олох маска бүргэһи сүүрдэн эҥин бараһыайдыы сатыыллар. Көһүтэн- көһүтэн аҕалбыт «бырааһынньыктарыгар» оонньоон-көрүлээн бүттэхтэрэ ити.

2. Гражданскай сэрии кэмин көрдөрөрөр айымньылар.

«Эһиги дьоллоох оҕо сааскыт халлаантан түспэтэҕэ, аҕаларгыт, убайдаргыт илиилэригэр саа-саадах ылан охсуһан, батталлаах олоҕу суулларан, эһиги сырдык кэскилгитин түстээбиттэрэ”, — диэн этэрэ суруйааччы эдэр ааҕааччыларыгар. Кини «Утах», «Кыһылбын уонна оскуолаҕа үөрэниэм» диэн кэпсээннэригэр ити улуу охсуһуу эпизодтарын чаҕылхайдык ойуулаабыта.

«Кыһылбын уонна оскуолаҕа үөрэниэм».

Бу кэпсээн гражданскай сэрии кэминээҕи тема. Сүрүн идеятынан бу кэмҥэ оҕолор уонна улахан дьон хорсун быһыыларын, кинилэр саҥа былаас туһугар хайдах охсуспуттарын көрдөрүү буолар.

Кэпсээн сүрүн геройа, кырачаан киһи, Байбааскы диэн уолчаан буолар. Кини дьадаҥы ыал оҕото. Убайа Хабырыыскаттан саҥа олох, үөрэх туһунан истэн баран, оскуолаҕа үөрэниэн олус баҕарар да, бандьыыттары кытта охсуһуу бириэмэтигэр эдэр учуутал Николай Хомустахов кыһыл этэрээтигэр холбоһон, оскуола сабыллан хаалар. Байбааскы убайа Хабырыыска эмиэ кыһыл этэрээтин байыаһа, кини разведчик эбит.

Буоларын курдук, бандьыыттар кыґыл этэрээккэ холбоспут дьон аймахтарын кэрийтэлии сылдьан сонордууллар, сордууллар, муҥнууллар. Ол туһунан истэн баран, Байбааскы дьоно саспыттарын кэннэ Байбааскылаах биир салабаардарын бииринэн тутан бараллар. Өссө бу кыра оҕо диэн туттуммакка, Байбааскыттан: «Эн кимҥиний, нохоо?» — диэн ыйыппыттарыгар Байбааскы: «Кыһылбын уонна оскуолаҕа үөрэниэм”, — диэбитин иһин түҥнэри охсон түһэрэллэр.

Итинэн суруйааччы Сүҥдэр Хампаахап, бандьыыттар тойонноро, кыыллыы быһыытын көрдөрөр.

Кыһыл этэрээт байыастара, ону кытта Байбааскы убайа Хабырыыска, учуутал Хомустаахап норуот босхолооччуларынан, ыраас, сырдык санаалаах дьон быһыытынан көстөллөр.

Онтон Байбааскыны биһиги хорсун санаалааҕын, булугас өйдөөҕүн билэбит. Кини үөрэххэ, сырдыкка, кэрэҕэ дьулуһар оҕо.

Кэпсээн бүтэһигэр кыһыл этэрээтэ үрүҥнэри үлтү сынньар. Байбааскы иннигэр дьоллоох, үүнэр-сайдар киэҥ суол тэлэллэр...

3. Советскай кэми к өрдөрө р о ҕ олорго аналлаах айымньылар .

«Ууһуттар».

«Кыайыы кыымнарыгар» Н. К. Седалищев «Ууһуттар» диэн Үөһээ Бүлүү пионердарын олоҕуттан суруллубут очерката бэчээттэммит. Очерк ис хоһооно бэрт судургу: Куорамыкы дэриэбинэтигэр пионерскай лааҕырга олорор оҕолор сөтүөлүү сылдьан, уу анныгар сыгынах силиһэ сытарын уу оҕуһун муоһа дии саныыллар. Ону ыла киирэн иһэн икки оҕо бурукка эрийтэрэн, тимирэ сыһаллар. Кинилэри доҕотторо быыһыыллар. Бу очерк, уус-уран өттүнэн төһө да элбэх итэҕэстээх буоллар, эдэр автор литературнай үлэҕэ чахчы дьоҕурдааҕын, күннээҕи олох событиеларыттан кэрэхсэбиллээҕи чопчу көрөр кыраҕы харахтааҕын туоһулаабыта.

«Татыйаас».

Суруйааччы бу кыракый кэпсээҥҥэ советскай оскуоланы, советскай оҕолор үөрэхтэрин, олохторо хайдах курдук сырдык, кэрэ кырааскаларынан ойуулууруй?! Эрбэйбит кугас баттахтаах, төгүрүк саһархай харахаах кыракый Татыйаас туттар быһыылыын, өйдүүн-санаалыын сырдык-ыраас, чаҕылхай. Кини сааһа 7-тэ эрэ. Ол да буоллар «букваны барытын билэр, биирдии, иккилии сүһүөхтээх тыллары холбоон ааҕар». Букварь, тэтэрээт — кини саамай күндү маллара. Татыйаас өссө хомусчут идэлээх, ырыаны олус таптыыр. Бу иччиттэн-абааһыттан куттаныы күлүгэ түспэтэх чаҕылыҥнас харахтардаах, үөрүү-көтүү аргыстаах — советскай оҕолор сырдык кэскиллэрэ тыктарыллан көстөр.

«Бытык».

«Бытык» диэн кэпсээн темата советскай былаас бастакы сылларын кэминээҕи бириэмэ. Сүрүн идеятынан оҕолору үөрэҕи таптыы, сыаналыы үөрэнэллэригэр иитии.

Кэпсээн сүрүн геройа 5-с кылаас үөрэнээччитэ Макар уол. Бу уол уруогун сүгүн аахпакка, чиэппэр түмүгэр үс предмеккэ куһаҕаннаах буолбут: алгебраҕа, геометрияҕа, нуучча тылыгар. Онтукатыттан санаарҕаан, хомойон кэлбитигэр дьонноро эмиэ мөҕөллөр: «Бытыгын быһа үктүөр диэри оскуолаҕа үөрэнэрэ буолуо».

Макар сытан утуйан хаалар. Онтон арай түһээтэҕинэ, кини хаар маҥан бытыктанан баран, кыра быраатын кытта биир кылааска үөрэнэ олорор эбит, онтон учуутала — кини доҕоро Ньукуус буолбут. Ып-ыраас чэмэлиспит оҕолор кинини күлэллэр, элэктииллэр.

«Бытыгын тутан баран сиргэнэн, куттанан уһуктан кэлэр. Уонна дьэ аны уруогар кыһамньылаахтык сыһыаннаһыах буолан бэйэтигэр бигэ тылын биэрэр”.

Итинтэн салгыы кырачаан ааҕааччы билиэн сөп: Макар бэйэтин сыыһатын өйдөөбүтүн уонна аны хаһан да куһаҕаннаныа суоҕун.

Түмүк.

Билиҥҥи олоххо, саха литературатыгар оҕоҕо аналлаах айымньылар аҕыйахтык тахсаллар, баҕар, биир эмит суруйааччы буолуон баҕарар оҕо Дьүөгэ Ааныстыырап кэпсээннэриттэн үөрэнэн, кини «Суруйааччы оскуолата» диэн сүбэлэриттэн туһанан, оҕолорго аналлаах айымньылары суруйуо этэ дии саныыбын.

Литература:

  1. Данилов Софр. Дьүөгэ Ааныстыырап / / Данилов Софр. Сэттэ томнаах айымньылар. — Дьокуускай, 2001. — 6-с т. Сыллар, дьоннор, санаалар. — С. 286–294.
  2. Тумат С. Кинилэргэ сүгүрүйэбит: [Аҕа дойду көмүскэлигэр кыттыбыт суруйааччылар] / / «Чолбон». — 2000. — № 5. — С. 31–34.
  3. Нынныров Г. — Кэнтик Киргиэлэйэ. Сайаҕас санаалаах саха этэ / / Сахаада. — 1994. — Ыам ыйын 5, 26 кк. — («Өлүөнэ сарсыардата»; № 10).
  4. Нынныров Г. — Кэнтик Киргиэлэйэ. Дьүөгэ диэн ааттыын даҕаны кэрэ киhи этэ / / Саха Сирэ. — 1993. — Тохсунньу 29 к.
  5. Дьүөгэ Ааныстыырап. Ой Бэс / Саха сиринээҕи кинигэ изд-та, 1977


Задать вопрос