Е.С. Сивцев-Таллан Бүрэ айымньыларыгар архаизмнар | Статья в журнале «Юный ученый»

Отправьте статью сегодня! Журнал выйдет 28 декабря, печатный экземпляр отправим 1 января.

Опубликовать статью в журнале

Автор:

Научный руководитель:

Рубрика: Спецвыпуск

Опубликовано в Юный учёный №5 (57) май 2022 г.

Дата публикации: 07.04.2022

Статья просмотрена: 95 раз

Библиографическое описание:

Эверстова, Инна. Е.С. Сивцев-Таллан Бүрэ айымньыларыгар архаизмнар / Инна Эверстова, А. М. Попова. — Текст : непосредственный // Юный ученый. — 2022. — № 5.1 (57.1). — С. 131-132. — URL: https://moluch.ru/young/archive/57/2869/ (дата обращения: 17.12.2024).



Үлэ сыала: Е. С. Сивцев-Таллан Бүрэ “айымньыларыгар архаизмнары төһө туттубутун, архаизм суолтатын, тылбааһын быһаарыы.

Соруктар:

—Таллан Бүрэ олоҕун, айар үлэтин туһунан билиини хаҥатыы,

— Поэт айымньыларыгар архаизмнары булан наардааһын,

— Архаизмнар суолталарын, тылбааһын быһаарыы.

Үлэ тоҕоостооҕо (актуальноһа): Таллан Бүрэ ураты истииллээх бэйиэт,суруйааччы. Кини айымньыларын тылын өһүн үөрэтии-саха тылын ураты араҥатын киэҥ эйгэҕэ таһаарыы.

Архаизм — эргэрбит тыл-өс, билиҥҥи тылга киэҥник туттуллубат буолбут лиэксикэ. Эргэрбит тыллар араастарын икки өрүттээн көрүөххэ сөп: 1) Бүтүннүү эргэрбит тылларга, эбэтэр лексическэй архаизмнарга. Холобур: сандалы, кэһэх, кумалаан уо.д.а. 2) Сорох суолталара эрэ эргэрбит тылларга, эбэтэр семантическай архаизмнарга. Холобур: аҕын (өйдөө диэн суолтата эргэрбит); арҕаа (көҕүс диэн суолтата эргэрбит, хайысха эрэ суолтата туттуллар); хоту (аллара диэн суолтата мэлдьи туттуллар), суол (ыраахтааҕы суола диэн суолтата туттуллубат) уо.д.а..

Таллан Бүрэ айымньыларыгар маннык архаизмнары уонна архаизм тылбааһын булан быһаардыбыт.

  1. Көмүлүөк — былыргы саха балаҕаныгар титириктэри иҥнэри соҕус төгүрүччү кэккэлэтэн баран, сигэнэн кэлгийэн, кумахтаах туойу симэн оҥоһуллубут оһох — Камелек.
  2. Үтүрүм кытараабакка, икки эбэтэр хас да сыл субуруччу төрөөбүт сүөһү
  3. Сандалы — былыргы сахалар аҕыс муннуктаах, тутум курдук атхтардаах эбэтэр эмиэ оннук намыһах түөрт муннуктуу судургу оҥоһуулаах туос эбэтэр мас остуоллара — круглый стол
  4. Симии оһох — мас киэпкэ туойунан симэн оҥоһуллубут көмүлүөк оһох- печь
  5. Ураа — Көмүлүөк оһох турбатын дьиэ үрдүгэр быган хоройон турар өттө.
  6. Биллэрик орон саха балаҕаныгар аан утарытынааҕыистиэнэҕэ уҥа бастакы ороҥҥо сыстар орон — нары
  7. Көҥкөлөй кыараҕас айахтаах иһиккэ убаҕас аһы кутарга туттуллар босхо моой, боруоҥка- дупло — домок
  8. Кэтэҕириин орон саха балаҕаныгар аан утарытынааҕы биллэрик орон хаҥас өттүнээҕи орон (уҥа муннуктан иккис) — нары
  9. Халҕан аан — дверь
  10. Көһүйэ — туойтан оҥоһуллубут дьоҕус күөстэнэр иһит.
  11. Киллэм ото-маһа суох, аһаҕас сир.
  12. Көмөҕөй — уолук, уолук үүтэ
  13. Бөкөөлүүр дьүһүннүүр туохтуур. Бөкөччү туттан (бүк түһэн) баран бытааннык, арыычча хаамп, сыҕарый — прыгает и скачет
  14. Ньөкөөлүүр дьүһүннүүр туохтуур — хохочет, заплачет, зарыдает.
  15. Ичик киргиз тылыгар саҕынньах — чащоба

Таллан Бүрэ айымньыларыгар араас эргэрбит тылы буллубут, тыл суолтатын “Саха тылын быһаарыылаах тылдьытын” көрөн быһаардыбыт. Суруйааччы саха сиэрин-туомун, оло5ун-дьаһаҕын, айылҕаны ойуулууругар архаизмнары туттар эбит. Айымньыттан булбут архаизмнары маннык бөлөхтүөххэ сөп.

- Дьиэ-уот тэрилэ: көмүлүөк, симии оһох, көҥкөлөй, биллэрик орон, кэтэҕириин орон, ураа, сандалы, халҕан, көһүйэ

- Дьүһүннүүр туохтуурдар: бөкөөлүүр, ньөкөөлүүр

Саха народнай поэта Сэмэн Данилов “Таллан Бүрэ саха литературнай тыла үөскээһинигэр, сайдыытыгар, кини кэриҥин кэҥэтиигэ, баайын хаҥатыыга биир дьаныардаахтык үлэлээбит поэт “ диэн эппитин бигэргэтэн, Таллан Бүрэ саха эргэрбит тылларын айымньытыгар киллэрэн, тыл ураты дэгэтин, суолтатын үйэтиппит эбит.

Литература:

  1. Антонов Н. К., Коркина Е. И., Слепцов П. А., Филиппов Г. Г., Данилова Н.И, Винокуров И. П. Саха билиҥҥи тыла. Морполуогуйа. — Дьокуускай, 2009
  2. Винокуров И. П. Филиппов Г. Г. Саха тыла. Тыл баайа. — Дьокуускай, 2000
  3. Слепцов П. А. Саха тылын историята. — Дьокуускай, 2007
  4. Сүүрбэһис үйэ хоһоонньуттара. Саха поэзиятын антологията. — Дьокуускай, 2000
  5. Таллан Бүрэ. Көмүс долгуннар.- Якутскай, 1957
  6. Таллан Бүрэ. Кэллим кэпсээри. — Якутскай, 1979
  7. Таллан Бүрэ. Байҕалиада. — Дьокуускай, 1999
  8. Таллан Бүрэ. Лена прекрасная. — Якутск, 1972
  9. Харитонов П. Н. Таллан Бүрэ айымньыта. — Покровскай, 1996
  10. Нууччалыы — сахалыы тылдьыт.- Дьокуускай, 2006
  11. Пекарский Э. К. Словарь якутского языка.- М: АН СССР, 1959
  12. Петрова Т. И. Русско-якутский перевод-Нууччалыы — сахалыы тылбаас: курс лекций для студентов.- Якутск, 2005.
  13. Русско- якутский словарь.-М., 1968
  14. Саха тылын быһаарыылаах тылдьыта. — Новосибирск: Наука, 2004
  15. Сахалыы — нууччалыы кылгас тылдьыт.- Дьокуускай, 2005
  16. Сахалыы-нууччалыы тылдьыт.- Дьокуускай, 2006
  17. Якутско-русский словарь.- М., 1972


Задать вопрос