Нам улууһун Таастаах нэһилиэгин топонимиката | Статья в журнале «Юный ученый»

Отправьте статью сегодня! Журнал выйдет 28 декабря, печатный экземпляр отправим 1 января.

Опубликовать статью в журнале

Автор:

Научный руководитель:

Рубрика: Спецвыпуск

Опубликовано в Юный учёный №5 (57) май 2022 г.

Дата публикации: 07.04.2022

Статья просмотрена: 79 раз

Библиографическое описание:

Аргунов, Алексей. Нам улууһун Таастаах нэһилиэгин топонимиката / Алексей Аргунов, А. Д. Рехлясова. — Текст : непосредственный // Юный ученый. — 2022. — № 5.1 (57.1). — С. 9-10. — URL: https://moluch.ru/young/archive/57/2981/ (дата обращения: 17.12.2024).



Нам улууһун Таастаах нэһилиэгин сирдэрин ааттара саха номохторугар хаалбыт баай историялах. Сорох сир аатын историята бэриэмэҕэ хаалан умнуллан хаалбыта чуоккайа биллэр. Биһиги бу үлэбитинэн Таастаах нэһилиэгэр баар сирдэр, алаастар, күөллэр ааттарын историятын арыйа сатыахпыт. Үлэбит актуальнаһа : Арассыыйа Федерациятыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтэ биир саамай улахан субъегынан биллэр. Сир-уот аата биһиги төрүттэрбит олохторун-даһахтарын, дьарыктарын кытары ыкса сибээстээх буолан, үйэлэр тухары өлбөт-сүппэт аналлаахтар, бэйэлэрэ туспа историялаахтар. Проблемата : Таастаах — интэриэһинэй историялаах нэһилиэк. Сирэ-уота тааһа суох эрээри, тоҕо эрэ ”Таастаах” диэн ааттаммыт. Араас сылларга нэһилиэк территорията уларыйа, улаата-кыччыы сылдьыбыта, инньэ гынан сирин-уотун ааттарынан (топонимнарынан) баай. Ол гынан баран, Таастаах историята уонна сирин-уотун аата улаханнык үөрэтиллэ илик. Онон биһиги бу проблеманы чинчийиэхпит. Үлэм объега : Таастаах нэһилиэк. Үлэм предмета : Таастаах нэһилиэгин сирэ-уота. Үлэм сыала : Таастаах сирдэрин ааттарын чинчийэн үөрэтии. Соруктар : 1. Нэһилиэк историятын араас литератураттан чинчийии. 2. Нэһилиэк тоҕо “Таастаах” диэн ааттаммытын чинчийии. 3. Таастаах нэһилиэгин сирин-уотун, күөллэрин, үрэхтэрин ааттарын араас литератураны хасыһан, дьонтон ыйытан түмүү, ырытыы. Туһаныллыбыт ньымалар : Таастаах туһунан литератураны чинчийии; источниктары (каарталары, тылдьыттары уо.д.а.) ырытыы; олохтоохтортон ыйытан билии.

Таастаах кырдьаҕастара кэпсиир номохторунан Атамай ууһун дьоно Улуу Сыһыы уонна Баҕадьа алаастарынан олорбуттар. Ордук биллэр дьоннорунан ини-бии дьон Ала уонна Аан Алкай. Ала оҕонньор иитиэх оҕолордуун барыта уон икки оҕолоох, Аан Алкай икки уоллаах. Ала сэттэ уолун майгыларынан көрөн аат биэртэлээбит. Ала Оҕонньор оҕолоруттан барыларыттан күүстээх уолун, таас курдук кытаанах эттээх-сииннээх, логлоруттаҕас быччыннардааҕын иһин Таастаах диэн ааты биэрбит. Саастарын ситиитэ, арааран, туспа сирдэргэ олохтообут. Ала Оҕонньор уола улуу күүстээҕин билэн кинини баайдаах хатыҥ чараннардаах Кэҥкэмэ арҕаа сыырыгар сытар алааска олохсута ыыппыт. Таастаах кэргэнин ылан билиҥҥи Таастаах нэһилиэк аттыгар олохсуйбутун иһин бу сир инник ааттаммыта. Тыа быыһыгар тайах, тииҥ, саһыл, бөрө уонна да атын кыыл дьиэтин булбута. Ол сир биир алааһа Өргөлөөх диэн аатынан биллэр, “өргөлөөх” (нууч. “имеющий еврашек, еврашковый”) диэн ааттамыт эбит. Таастаах ыалын Өргөлөөххө аҕалан улахан ууһу саҕалаабыта. Өссө XVI үйэҕэ Кубалаах, Дьуолума, Бөрөлөөх, Бырдьыкы, Кулун Оонньообута, Истээх, Мөкү-күөл, Туулаах, Тураҥнаах (сороҕор Туралаах диэн ааттыыллар), Ойбон, Хайгыалаах, Өлөнтү, Көрдьүгэс, Өҥ-Алаас, Көдөкө, Күөрэһэ-Алааһа, Дааҕыйа, Тордуйа (сорох былыргы каарталарга Хара-Кыыс диэн ааттаммыт), Халпааскы (оттуур сир), Өтүйэ-Сүппүт (оттуур сир) уонна да атын алаастарга дьон олохсуйбуттар. Топонимнар . Таастаах топонимнарын икки улахан бөлөххө араарыахха сөп: 1. Алаастар ааттара 2. Киһи олорор сирдэрин ааттара (сайылык, кыстык, томтор уонна нэһилиэк ааттара). Таастаах алаастарын ааттара араас эбит. Бастакы бөлөххө ааттаммыт сир ааттарыттан сорохторо билигин өйдөнөллөр, холобура: “бөрөлөөх” (нууч. “волчий”); “истээх” (нууч. “изобильный”); “көрдьүгэс” (нууч. “рыхлый”); “кубалаах” (нууч. “лебединый”); “кулун оонньообута” (нууч. “ [место, где] играли жеребята”), онтон да атыттар. Сорохторо ханнык тылтан барбыттара чуолкайа биллибэт — “дьуолума”, “өлөнтү” (баҕар “өлөҥ” диэн тылтан барбыт буолуон сөп); “хайгыылаах” (баҕар “хайгыа” диэн тылтан ааттаммыт буолуон сөп); “көдөкө” (баҕар “көдөй” диэн тылтан тахсыбыт буолуон сөп), “халпааскы” (баҕар “халпаак”, эбэтэр халбас кус аатыттан тахсыбыт буолуон сөп). Сорох сайылыктар онно хаһан эрэ олоро сылдьыбыт киһи аатынан ааттаммыттар, холобура: Күөрэһэ Сайылыга, Андрюша Сайылыга, Быка Сайылыга уонна Буруска Сайылыга. Гидронимнар . Таастаах гидронимнарын икки улахан бөлөххө араарыахха сөп: 1. үрэхтэр ааттара; 2. күөллэр ааттара. Таастаах нэһилиэгин территориятыгар сэттэ үрэх баар: Чаакыйа, Ханчалы, Атаабыт-үрэҕэ, Мундулаах, Моҕостоох, Хотокукан уонна Кэҥкэмэ. Олортон Чаакыйа, Ханчалы уонна Кэҥкэмэ улаханнара буолар. Билиҥҥи саха Кэҥкэмэ диэн тылы-өһү өйдөөбөт, ол гынан баран Пекарскай тылдьытыгар “кэҥкэмэ” нууччалыы “промоина” диэн тылбаастанар эбит. Кэҥкэмэ кэнниттэн Ханчалы буолар. Ханчалы ураты аата хантан барбытын сахалыы чуолкайдык өйдөммөт. Биһиги санаабатыгар, “ханчалы” “ханчы” (нууч. “первое сборище рыб для метания икры”) тылы кытта сибэстээх буолуон сөп. Чаакыйа Кэҥкэмэ салаата буолар. Үрэх аата ханнык тылтан тахсыбытын сатаан билбэтибит, биһиги санаабытыгар бу гидроним “чаакы” (нууч. “след на снегу”) диэн тылы кытта сибэстээх буолуон сөп. Атын үрэхтэр ааттара билиҥҥи саха киһитигэр өйдөнөр суолталаахтар: “аттаабыт-үрэх” (нууч. “речка [, где] оскопили”); “мундулаах” (нууч. “мундушковая”); “хотокукан” (“хотоку” — “милый” уонна –кан аффикс — “милейшая”). Таастаах нэһилиэк аттыгар маннык күөллэр бааллар: Хомустаах, Үс күөл, Сыырдаах, Улахан Дыгыйа, Аччыгый Дыгыйа, Хаһыта, Табалаах, Улахан-Истээх, Аччыгый Истээх, Бэстээх, Дүлэҥ, Билир, Ытаабыт, Өргөт, Арыылаах. Таастаах күөллэрин ааттара суолталара өйдөнөр: холобур, “арыылаах” (нуч. “побережное”); “билир” (нууч. “зуб мудрости”); “бэстээх” (нууч. “сосновое”); “дүлэҥ” (нууч. “чурбанное”); “улахан дыгыйа” (нууч. “большое грациозное”) уонна да атыттар. Төрөөбүт нэһилиэкпит топонимнарын үөрэтэн-чинчийэн баран биһиги маннык түмүккэ кэллибит: 1.Таастаах уонна Атамай нэһилиэк олохтоохторун номохторунан “Таастаах” нэһилиэк Ала-оҕонньор уолун аатынан ааттаммыта эбитэ үһү. 2. Топонимнар улахан ахсаана билиҥҥи саха киһитигэр биллэр-өйдөнөр эбит, сорох топонимнара ханнык тылтан тахсыбытын биллибэт эбит. Олортон кыра ахсаана бу күннээҕи саха тылыттан сүтэн хаалбыт. 3. Таастаах нэһилиэк гидронимнара улахан уратыта суох эбиттэр. Ол да буоллар сорох гидронимнар ханнык тылтан тахсыбыттара биллибэт, онон салгыы үөрэтэргэ-чинчийэргэ төрүөт баар.

Туһаныллыбыт литература:

1. Михайлова С. С. «Нэһилиэк историята» элективнэй курс оруола / С. С. Михайлова — Таастаах, 2017 — с.;

2. Саха сүөһүтүн сөргүтэр Таастаахха // Үйэ. — 2019 — № 53–58 — с.15–16;

3. Волости и населенныя места 1893 года: выпуск 9 Якутская область / предисл.: дир. центр. стат. комитета Н. А. Тройницкий; картограф А. Н. Петровский. — Санкт-Петербург: издание Центрального статистического комитета МВД, 1893–1896–50с.;

4. Памятная книжка Якутской области на 1896 г.: выпуск 3 — Якутскъ: Типография областного правления, 1864–1905–250с.;

5. Пекарский Э. К. Словарь якутского языка. В 3-х Т. 2-е изд-е. — Л.:Издательство АН СССР, 1959;

6. Статистические сведения Якутской области за 1879 год — Якутск: Якутский областной статестический комитет, 1879–150с.;

7. Устав муниипального образования “Тастахский наслег” Намского улуса (района) Республики Саха (Якутия);

8. Якутская АССР. Административно-территориальное деление: на 1 июля 1986 года: изд. 4-ое, испр. и доп. — Якутск: Якутское книжное издание — 61с.;

9. Якутско-русский словарь. 25,300 слов / под ред. Слепцов П. А. — М.: Сов. энциклопедия, 1972–608с.



Задать вопрос