Курунньуктан чэрэниилэ | Статья в журнале «Юный ученый»

Отправьте статью сегодня! Журнал выйдет 28 декабря, печатный экземпляр отправим 1 января.

Опубликовать статью в журнале

Автор:

Научный руководитель:

Рубрика: Спецвыпуск

Опубликовано в Юный учёный №5 (57) май 2022 г.

Дата публикации: 07.04.2022

Статья просмотрена: 76 раз

Библиографическое описание:

Афанасьев, Е. А. Курунньуктан чэрэниилэ / Е. А. Афанасьев, Н. Н. Игнатьева. — Текст : непосредственный // Юный ученый. — 2022. — № 5.1 (57.1). — С. 10-11. — URL: https://moluch.ru/young/archive/57/2906/ (дата обращения: 17.12.2024).



Сыала: Иннокентий Левин “Чэй суута” диэн кэпсээнинэн курунньуктан чэрэниилэ оҥоруу.

Соруктарым:

  1. Иннокентий Левин «Чэй суута» кэпсээни ааҕыы.
  2. Билбэт тылларбын тылдьыттан быһаарыы.
  3. Дьиэтээҕи усулуобуйаҕа курунньуктан чэрэниилэ оҥоруу.
  4. Сэрии кэннинээҕи кэм туһунан хос эһэбиттэн Лонгинов Петр Даниловичтан ахтыы ылыы.

Үлэм сонуна : саҥа кэпсээннэри аа5ан баран, кыракый чинчийиилэри оҥоруу.

Иннокентий Левин “Чэй суута” диэн кэпсээнин аа5ан баран курунньуктан чэрэниилэ оноруохха сөп эбит дии санаабытым уонна эһэбэр оһох ураатыттан курунньук түһэриэҥ дуо диэн көрдөспүтүм. Сэрии кэннинээҕи оҕолор курунньуктан чэрэниилэ оҥостон куорсунунан суруйан үөрэммит эбиттэр. Мин хос эһэм — сэрии сылларын оҕото, кини миэхэ ол кэмнэри кэпсээбитэ, ахтыы бирэбитэ.

«Чэй суута” диэн кэпсээни аа5ан баран, кэпсээн авторын кытта билсистим:

Левин Иннокентий Наумович — Лыҥкый. Кини поэт, сэһэнньит, драматург, кириитик, 1994 сыллаахтан Арассыыйа суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ.

1942 сыллаахха сыллаахха тохсунньу ый 4 күнүгэр Кэбээйи улууһугар Сангаарга төрөөбүтэ ((04.01.1942–14.03.1998).

1971 сыллаахха Саха государственнай университетын үөрэнэн бүтэрэн баран саха тылын уонна литературатын учууталынан Абый, Чурапчы улуустарыгар үлэлээбитэ. Айымньылара: Сааскы үөрүү: Хоһооннор. — Дьокуускай, 1972; Уулаах Тараас: Оҕолорго хоһооннор, остуоруйалар. — Дьокуускай, 1990; Баайык: Орто саастаах оҕолорго кэпсээннэр. — Дьокуускай, 1994; Хата... Биир уоп... Күлүү. Дьокуускай, 1997.

Кэпсээни аҕан баран, билбэт тылларбын ыйынньыктан — тылдьыттан буллум: кырыымчык — дэлэйэ суох, кэмчи; тиийиммэт-түгэммэт; ураа көмүлүөк оһох турбатын дьиэ үрдүгэр быган хоройон турар өттө; курунньук — уот төлөнун хоруота туохха эмэ олорон мустубута, тоһоҕос туох эмэ усталаах биридимиэт тостубута, баранан эрэр тобо5о.

Курунньуктан чэрэниилэ оноруу:

Эһэм Эдуард Петрович Лугинов дьиэбит кырыыһатыгар тахсан оһох ураатыттан курунньук түһэрдэ. Иннокентий Левин «Чэй суута» кэпсээнигэр суруллубутун курдук кыракый эмп бытыылкатыгар курунньукпутун кутан уулаан, буккуйдубут. Хойуу чэрэниилэ оҥордубут. Аны куорсуммутун ылабыт. Араас көтөр куорсуннарын туһанан курунньугунан сурук суруйдубут. Куурусса, кус, хаас куорсуннара үчүгэйдик куурбут-буоланнар үчүгэйдик суруйдулар.Онтон тураах куорсуна кыһыҥҥы кэмҥэ өр таһырдьа сыппыт буолан сымнаҕас, инньэ гынан соччото суох эбит суруйарга.

Хос эһэм Петр Данилович Лонгинов ахтыыта:

Мин 1935 сыллаахха Кытаанах нэһилиэгэр “Кыыс эбэ” диэн алааска төрөөбүтүм. 1942 сыллаахха хоту Булун оройуонугар күүс өртүнэн көһөрүллүүгэ “Ярославскай» аатынан колхозпун кытта сылдьыбытым. 1944 сыл күһүнүгэр 9 саастаахпар Тумат оскуолатыгар 1-гы кылааска киирбитим. Кылааспытыгар 10-ча оҕо этибит. Бары курунньугу ууга буккуйан эргэ кинигэлэргэ суруйар этибит. 4 сыл устата хоту үөрэнэрбэр наар курунньугунан эргэ кинигэ5э суруйбутум. 1948 с дойдубар Кытаанах оскуолатыгар 5с кылааска үөрэнэ кэлбитим. Эмиэ үксүн курунньугунан эргэ кинигэ лииһигэр суруйарбыт. 20-тэн тахса буолан үөрэммиппит, 1 о5о5о чэрэниилэ уонна тэтэрээт баар этэ. 1951–56 сылларга Чурапчыга педучилище5а үөрэнэрбэр чэрэниилэнэн, перонан суруйар буолбутум.

Тумакка уонна Кытаанахха үөрэммит кэмнэригэр тулаайах о5олор кинигэ лииһигэр суруйаллар эбит. Төрөппүттэрдээх о5олор син тэтэрээттээх буолаллар эбит. Харандаас курдук маска тимир бөрүөнү сабынан баайан суруналлар эбит.

Түмүк:

  1. Иннокентий Левин «Чэй суута» диэн кэпсээнин аа5ан баран курунньуктан чэриниилэ оҥорон суруйан көрдүм.
  2. Кэпсээҥҥэ кэпсэнэр элиэ түүтэ суох буолан куурусса, тураах уонна кус түүтүнэн суруйан көрдүм.
  3. Курунньуктан чэриниилэм табылынна, аны сайын элиэ куорсунун булан суруйан көрөр санаалаахпын.
  4. Иннокентий Левин «Чэй суута» диэн кэпсээнин ааҕан баран курунньуктан чэриниилэ оҥорон суруйан көрдүм.
  5. Кэпсээҥҥэ кэпсэнэр элиэ түүтэ суох буолан куурусса, тураах уонна кус түүтүнэн суруйан көрдүм.
  6. Курунньуктан чэриниилэм табылынна, аны сайын элиэ куорсунун булан суруйан көрөр санаалаахпын.
  7. Бу кэпсээни ааҕан баран сэрии кэннинээ5и кэми интэриһиргээн хос эһэбиттэн ахтыы ылан элбэҕи биллим.
  8. Кыра чинчийии үлэтин оҥорбуппуттан үөрэбин уонна Россияҕа наука сайда турарыгар баҕарабын!

Литература:

  1. Афанасьев П. С. Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта.
  2. Левин И. Н. Сааскы үөрүү: Хоһооннор. — Дьокуускай, 1972.
  3. Литература ааҕыыта: 3 кылаас, үөрэх кинигэтэ. Л. В. Захарова., У. М. Флегонтова. 2016 с.


Задать вопрос