«Алдьархай» сэһэн сүрүн дьоруойа Николай Тогойкин прототиба Н. Д. Терешкин хорсун олоҕо биһиэхэ үтүө холобур | Статья в журнале «Юный ученый»

Отправьте статью сегодня! Журнал выйдет 28 декабря, печатный экземпляр отправим 1 января.

Опубликовать статью в журнале

Автор:

Научный руководитель:

Рубрика: Спецвыпуск

Опубликовано в Юный учёный №5 (57) май 2022 г.

Дата публикации: 07.04.2022

Статья просмотрена: 441 раз

Библиографическое описание:

Уварова, Лаура. «Алдьархай» сэһэн сүрүн дьоруойа Николай Тогойкин прототиба Н. Д. Терешкин хорсун олоҕо биһиэхэ үтүө холобур / Лаура Уварова, В. С. Кривошапкина. — Текст : непосредственный // Юный ученый. — 2022. — № 5.1 (57.1). — С. 111-113. — URL: https://moluch.ru/young/archive/57/2903/ (дата обращения: 17.12.2024).



Чинчийиим тоҕоостооҕо :

“ Алдьархай” сэһэн сүрүн дьоруойа Николай Тогойкин хорсун быһыытын олус сөҕө-махтайа аахтым. Бу олоххо буолбут дьиҥнээх түгэҥҥэ суруллубут айымньы буоларын иһин, сүрүн дьоруой уобараһын прототибын туһунан чинчийэн билэн, олохпор үтүө холобур оҥосторго сананным.

Чинчийиим сыала:

1 Сүрүн дьоруой Николай Тогойкин уобараһын прототип олоҕун кытта тэҥнээн көрүү.

2.Хорсун уобарас, прототип үтүө холобур буолар түгэннэрин бэлиэтээһин, бэйэ олоҕор холобур оҥостуу.

Чинчийиим соруга:

1. «Алдьархай» айымньыны толору ааҕыы.

2. Прототип туһунан хасыһан үөрэтии.

3. Прототип хорсун быһыыга угуйар үтүө холобурун сирдьит оҥостуу.

Мин киэн туттар биир дойдулааҕым саха норуодунай суруйааччыта Н. Е. Мординов-Амма Аччыгыйа “Алдьархай” сэһэн сүрүн дьоруойа Николай Тогойкин прототиба буолбут Николай Дмитриевич Терешкины кытта Дьокуускай куоракка балыыһаҕа бииргэ сытан эмтэммиттэр эбит. Н. Д. Терешкин түбэспит алдьархайдаах быһылаанын туһунан Николай Егоровичка кэпсээбит. Ол кэпсээҥҥэ олоҕуран, Амма Аччыгыйа “Алдьархай” сэһэни суруйбут. Кинигэ бэчээттэнэн тахсыбытыгар Амма Аччыгыйа маннык диэн суруйан туран, Н. Д. Терешкиҥҥэ бэлэхтээбит эбит: «Дорогому Ник. Дм. Терешкину, образ и подвиг которого я пытался изобразить в лице главного героя этого скромного своего труда − комсомольца Николая Тогойкина. С любовью и благодарностью, автор Н. Мординов-Амма Аччыгыйа. 9/III-66 г”..

Николай Дмитриевич Терешкин Николай Тогойкин прототиба

1919 сыллаахха Өлүөхүмэ уокуругун Нөөрүктээйи нэһилиэгэр Толоон диэн сиргэ төрөөбүт. 1935 сыллаахха хомсомуолга үлэтин саҕалаабыт. 1943 с. Лиэнискэйдээҕи ВЛКСМ райкомун сэкиритээринэн талыллыбыт. Өлөөн улууһугар баартыйа райкомун сэкиритээринэн үлэлээбит, баартыйа оскуолатыгар үөрэммит, 1951 сыллаахтан 5 сылтан ордук Үөһээ Дьааҥыга баартыйа тэрилтэтин салайбыт.1957 сыллаахха Дьокуускай горисполкомун бэрэстээтэлинэн анаммыт. 1959 сыллаахха кураан буолбутугар Дьокуускайы кыһыҥҥы хортуопуйунан хааччыйаары Красноярскай кыраайга командировкаҕа барбыт. Онно күһүн хойукка диэри сылдьан, сайыҥҥы таҥаһынан тымныйан ыараханнык ыалдьыбыт. 1961 сылтан өлүөр диэри Политпроска сэбиэдиссэйии солбуйааччынан үлэлээбитэ.1968 сыллаахха бэс ыйын 12 күнүгэр 50 сааһын туолбакка сылдьан ыалдьан өлбүтэ.

Саахал

Кини 24 саастааҕар 1943 сыллаахха кулун тутар 5 күнүгэр Дьокуускайтан Өлүөхүмэҕэ көтөн испит ЛИ-2 (Дуглас) байыаннай транспортнай сөмүлүөккэ пассажир эбит. Кини таһынан сөмүлүөккэ байыаннайдар, потребкооперация экспедитора уонна үс райкомол сэкиритээрэ бааллара. Сөмүлүөт маршрутуттан сүүстэн тахса килэмиэтир туораан, көппүтэ биир чаас буолбутун кэннэ мотуора аккаастаан саахалламмыт. Тумсунан сиргэ түспүт. Лүөччүктэр тута өлбүттэр, бортмеханик ыараханнык бааһырбыт, сотору кэминэн эмиэ өлбүт. Ойдон хаалбыт сөмүлүөт кутуругар 7 киһи тыыннаах хаалбыт.

Бу түбэлтэ туһунан кэмигэр киэҥник биллибэккэ хаалбыта. Ол төрүөтүнэн суруйааччы Иван Негенбля «тымныы сэриини” ааттыыр, Сэбиэскэй Сойууска ленд-лиз туһунан кэпсиир сатамньыта суоҕунан быһаарар. Саха норуодунай суруйааччыта Амма Аччыгыйа бу түбэлтэ туһунан Терешкинныын бииргэ балыыһаҕа сытан алҕас билбитэ. Ол түмүгэр «Алдьархай” диэн сэһэнигэр ойуулаабыта. Айымньы сүрүн дьоруойун Тогойкин диэн ааттаабыта. Бу кинигэ тахсыбытын кэннэ 70-с сс. Солоҕон оскуолатын үөрэнээччилэрэ учууталларын кытта бу түбэлтэни дьоҥҥо кэпсииргэ быһаарыммыттара. Амма Аччыгыйын, Терешкин огдооботун булан кинилэр сирдэригэр саахалламмыт сөмүлүөт дьонун быыһыырга Терешкин сыһыаннааҕын чопчулаабыттара. Онтон 1985 с. Солоҕон оскуолатын учуутала А. Г. Захаров эспэдииссийэ тэрийэн оскуола оҕолоро сөмүлүөт түспүт сиригэр бара сылдьыбыттара, мэҥэ бэлиэ туруорбуттара, оскуолаҕа сөмүөлүөт кырамтатын туһанан истиэндэ оҥорбуттара.

Огдообото араадьыйа суруналыыһа Василиса Григорьевна Хорунова, Терешкин бэйэтин кэпсээннэригэр олоҕуран, тыыннаах хаалбыт пассажирдар уонна быыһыыр эспэдииссийэҕэ сылдьыбыт Михайловтар дьиэ кэргэн ахтыыларын хомуйан 2000 сыллаахха кинигэ таһаарбыта .

Бу хорсун быһыытын иһин 1993 сыллаахха Арассыыйа бэрэсидьиэнэ от ыйын 7 күнүнээҕи ыйааҕынан «Хорсунун иһин» мэтээлинэн наҕараадалаабыта (өлбүтүн кэннэ).

Прототипы уонна айымньы дьоруойун тэҥнээн көрүү

Н. Д. Терешкин

Николай Тогойкин

1. 1935 сыллаахха хомсомуолга үлэтин саҕалаабыт. 1943 с. Лиэнискэйдээҕи ВЛКСМ райкомун сэкиритээринэн талыллыбыт. Өлөөн улууһугар баартыйа райкомун сэкиритээринэн үлэлээбит, баартыйа оскуолатыгар үөрэммит, 1951 сыллаахтан 5 сылтан ордук Үөһээ Дьааҥыга баартыйа тэрилтэтин салайбыт.1957 сыллаахха Дьокуускай горисполкомун бэрэстээтэлинэн

Анаммыт — куруук ыччат, норуот лиидэрэ, инникигэ сирдээччитэ эбит.

1.Ленскэй райкомун сэкиритээрэ.

2. Терешкин бааһырбыт киһини мастан түһэрбит, сөмүлүөт сэмнэҕин баахыланнан ханаппаахылаан олорор сир оҥорбут, уот оттон сылыппыт. Дьахталлар баттахтарыттан оҕуур оҥорон хабдьы тутан аһаппыт. Хас да хонук ааспытын кэннэ, көмө кэтэһэ сатаан баран, фанераттан бэрэчиинэй быһаҕынан хайыһар быстан, тумсун итии ууннан токурутан көмө көрдүү барар. Икки суукка кэриҥэ тайҕа быыһынан дьон олорор сиригэр Солоҕон нэһилиэгин Карл Маркс аатынан холкуос олоҕор тиийэн тыллаабыт, уонна быыһыыр эспэдииссийэни сирдээн илдьибит Бастакы ас-үөл тиэйиилээх таба сыарҕатыгар олорон, сирдээн илдьибит. Ол суолунан хойутуу соҕус 10 таба сыарҕата баран саахалга түбэспит дьону Өрт сэлиэнньэтигэр илдьибиттэр.

2.Николай Тогойкин уобараһа сэһэҥҥэ кэпсэнэринэн, оруобуна маннык суруллар.

«Мы остались живы благодаря Николаю» Почему эта история человеческого поступка молодого юноши долгие годы хранилась в тайне? Тогда работа авиаспециалистов, перегонявших в годы войны американские бомбардировщики по трассе Аляска-Сибирь, держалась в строжайшем секрете. Сотни якутян участвовали в строительстве и эксплуатации авиатрассы. Но вплоть до середины 80-х годов работа перегоночной трассы умалчивалась. А значит, и говорить о самоотверженном поступке Николая Терешкина считалось неуместным.

Правительство отблагодарило Николая медалью «За отвагу» только через полвека, в 1993 году , уже после его смерти. « Мы остались живы только благодаря Николаю Терешкину », — говорили впоследствии выжившие участники этой трагедии — бу дьоруойдуу быһыы сэрии кэмэ буолан, улахан кистэлэҥҥэ тутуллубут эбит.

Николай Терешкин баар буолан тыыннаах хаалбыппыт дииллэрэ үгүһү кэрэһэлиир.

3.Тогойкин дьону быыһыыр туһугар өлөртөн да куттамматаҕа. Сэһэҥҥэ кэпсэнэринэн, Николай Тогойкин ыччат лиидэрэ.Куттаһа суох, хорсун уол. Тыаҕа сылдьа үөрүйэх, булчут.Уһанар, мындыр өйдөөх, инникигэ эрэллээх.

Араас быстах майгылаах дьону кытта аахса сатаабат(холобур, Фокины кытта), кырдьаҕаһы убаастыыр, аһыныгас майгылаах, туруоруммут сыалын хайаан да дьулуурунан ситиһэр үтүө хаачыстыбалаах.

... Бытаарбакка, тохтообокко, биир дэхситик дьүккүйэн иһиэххэ... Биир көс... Чэ, икки да буоллун!... Дьонугар улам чугаһаан иһэр эбээт. “Быыһанныбыт!”-диэн кыайан этэр күүстээх эрэ тиийэрэ буоллар!... Инньэ диэбитинэн, кини сүгэһэрин устан, ортолоругар олордон кэбиһэн баран, кылгастык сыта түһэн ылыа этэ. — бу Николай Тогойкин колхуостаахтары көрсөн баран, кинилэр табанан ырааҕынан эргийэн кэлэллэрин күүппэккэ, олох сынньанан ылбакка дьонугар төттөрү айаннаан иһэрэ ойууланар. Мантан түмүк оҥордоххо, кини дьонун быыһыыр туһугар бэйэтин харыстаммакка дьулуурдаахтык иннин диэки дьүккүйэн иһэр.

4. «Николай не любил рассказывать о той катастрофе , — вспоминает Василиса Григорьевна. Считал, что поступил так, как должен был поступить каждый на его месте. Таких мук, каких перенесли эти люди, невозможно себе представить. Эта трагедия не прошла бесследно. Он сильно болел и умер в 49 лет. Но работал до последнего, не сдавался. В середине 50-х был избран секретарем Якутского горкома партии, а после и председателем Якутского горисполкома. Он был настоящий вожак комсомольцев, трудолюбивый человек»- манна кини киһи быһыытынан олус сэмэйэ көстөр, олоҕун барытын норуотугар анаабыт.

4...” Эдэр комсомол райкомун сэкиритээрэ түҥ ойуур быыһыгар сууллубут самолеттан тыыннаах хаалбыт дьону быыһыыр иһин тыйыс, ыарахан усулуобуйаҕа үөскээбит тыа оҕото, кини булугас өйө, хорсуна хоодуота, сатабыла барыта олус табатык ойууламмыт ”,- диэн бэлиэтиир литературавед, филологическай наука кандидата И. Г. Спиридонов.

Бу мин санаабар, Николай Тогойкин уобараһыгар саамай сөптөөх сыанабыл дии саныыбын.

Түмүк.

Н. Е. Мординов-Амма Аччыгыйа суруйбут «Алдьархай” сэһэнин уонна сэһэн прототибын олоҕун туһунан хасыһан үөрэтэн баран маннык санааҕа кэллим:

  1. Прототип Н. Д. Терешкин хорсун олоҕо Николай Тогойкин уобараһынан хайдах баарынан бэриллибит.
  2. Николай Дмитриевич Терешкин олорон ааспыт олоҕо, хорсун быһыыта билиҥҥи ыччакка үтүө холобур буолар.
  3. Кини ыарахан усулуобуйаҕа үөскээбит тыа оҕото, булугас өйдөөх, куттаһа суох, хорсун- хоодуот. Тыаҕа сылдьа үөрүйэх, сатабыллаах булчут. Сатаан уһанар, мындыр өйдөөх, инникигэ эрэллээх, ыччат лиидэрэ, дьулуурдаах.
  4. Олоҕун Сахатын сирэ сайдыылаах буоларын туһугар анаабыт, ханна ыарахан, онно наар кинини ыытан иһэллэр эбит.Холобур, күһүн Красноярскайтан хортуоппуй аҕалыыта, онно сылдьан тымныйан, урукку ити саахалга дьону быыһаары доруобуйатын кэбирэппитэ көбөн, эдэр сааһыгар ыарыһах буолбут эбит.
  5. Кини курдук норуот туһугар бэриниилээх буолуу үтүө хаачыстыба буолар.
  6. Мин бу айымньыны ааҕан, сүрүн дьоруой Тогойкинтан, прототип Терешкин дьиҥнээх олоҕуттан элбэххэ үөрэнним, олохпор үтүө холобур оҥостуом.
  7. Аны Н. Д. Терешкин кэргэнэ Василиса Хорунова хомуйан оҥорбут кинигэтин булан ааҕыахпын баҕардым.

Литература:

  1. Төрөөбүт литература, Е. М. Поликарпова, Нь.Г.Никитина, Н. И. Филиппова, В. Р. Шишигина, НКИ “Бичик”, 2016
  2. Н. Е. Мординов — Амма Аччыгыйа, Алдьархай, НКИ “Бичик”, 2005с.
  3. Н. Д. Терешкин туһунан интернет матырыйааллара.


Задать вопрос