Эбэм сэрии сылларын умнубат | Статья в журнале «Молодой ученый»

Отправьте статью сегодня! Журнал выйдет 4 января, печатный экземпляр отправим 8 января.

Опубликовать статью в журнале

Библиографическое описание:

Никитина, А. Н. Эбэм сэрии сылларын умнубат / А. Н. Никитина, Я. Д. Никитина. — Текст : непосредственный // Молодой ученый. — 2016. — № 29.1 (133.1). — С. 48-52. — URL: https://moluch.ru/archive/133/37278/ (дата обращения: 24.12.2024).



1

Мин эбэм Николаева Александра Тимофеевна, 85 саастаах, үлэ-тыыл ветерана, Таатта улууһун Уус-Тааттаттан с. төрүттээх, билигин Дьокуускай куоракка олорор. Кини сэрии саҕана оскуолаҕа үөрэнэр кыра оҕо сэрии сылларын этинэн-хаанынан билэн улааппыта, ол туһунан биһиэхэ сиэннэригэр куруук кэпсиир, ахтар, саныыр. Ол ахтыыларыттан бэлиэтэммиппин эһиэхэ ыытабын:

“1941 сыллаахха, саас 1 Маай бырааһынньыгын инниттэн тымныы тыал, хахсаат бөҕө буолбута, арҕааттан-хотуттан тыалырбыта, хаарын эрдэ уулларбыта. Ардах биирдэ да түспэтэҕэ. Дьэ мантан саҕалаан, курааннаан от-бурдук үүнүүтэ мөлтөөбүтэ, түөрт сыл кураан-сут сатыылаабыта.

1941 сыллаахха бэс ыйыгар сэрии буолбутун истибиппит. 18 саастаах уолаттар, 50-гар диэри саастаах эр дьон бары сэриигэ хомуллубуттара.

Сэриигэ бастакы дьону аатаарыыны бу баардыы өйдүүбүн. Тымныы баҕайы күн этэ. Оскуола аттыгар, сельсовет хонтуоратын иннигэр атаарыы буолла. Неустроева Мария Николаевна диэн сельсовет председателэ баар этэ. Кини уоттаах-төлөннөөх күүстээх тыл эппитэ, ол эппит тыллара тыаллаах, тымныы күҥҥэ хайдах эрэ ыраахтан сатараан иһиллэр курдуктара, былаата тыалга тэлимнии-тэлимнии тыл этэ турара бу баар курдук. Учууталлар биһиэхэ оҕолорго эрдэ сэрэппиттэрэ, ким даҕаны ытыа, хаһыытыа, айманыа суохтаах, бары кытаанахтык туттан, тулуйан дьоммутун атаарыахтаахпыт диэн. Дьоммутун атаарбыппыт. Билиҥҥэ диэри харахпар көстөр сүгэһэрдэрин сүгэн, талах мастар быыстарынан биир-биир элэҥнээн ааспыттара, кугас соннордоох этилэр. Ол дьонтон үгүс киһи сэрииттэн эргиллибэтэҕэ.

Биир түгэни эмиэ өйдүүбүн. Уус-Тааттаттан борокуотунан сэриигэ дьону илдьэллэрэ. Таатта улууһун бары нэһилиэктэриттэн, атын оройуоннартан кытары дьону аҕалаллара. Ол дьон Уус-Тааттаттан Бириистэн диэн сиргэ диэри бэйэлэрэ сатыы бараллара. Ол сиргэ дьон бөҕө борокуот кэлэрин ыйы-ыйынан кэтэһэллэрэ. Биир күн подругабынаан убайдарбытыгар (кинилэр эмиэ сэриигэ бараары Бириистэҥҥэ борокуот кэтэһэллэрэ) өйүө илдьэ баран иһэммит суолга биир нуучча киһитин ситэн аастыбыт. Мин ааһан иһэн тоҕо эрэ эргиллэн ол киһи сирэйин көрбүтүм, киһим уйа-хайа суох бииргэм ытыы иһэр эбит. Дьонун кытары саҥардыы арахсан иһээхтээтэҕэ. Наһаа да аһыммытым ол киһини.

Ол кэмтэн ыла от-бурдук үлэтэ, колхоз бас билэр уопсай ынаҕын, сылгытын иитии кыһалҕата кырдьаҕас оҕонньор-эмээхсин, дьахталлар, оҕолор көрүүлэригэр сүктэриллибитэ.

Оскуола оҕолоро, биһиги, оҕонньоттор сүбэлэринэн кыһынын холкуос уопсай сүөһүтүн аһылыгын булуутугар, «хара» былах быһыытыгар үлэҕэ тахсарбыт, сайыныгар хас күн ахсын дулҕа быһыыта, былах, хомус – сүөһү кыһыҥҥы аһын бэлэмнээһиҥҥэ төһө да ас таҥас тиийбэтин аахсыбакка туран үлэлиирбит. Бэһис кылаастан саҕалаан оҕолору барыларын таҕаараллара. Кыһыл армияҕа сылдьар дьон кэргэттэригэр оттук мастарыгар, муустарыгар, уо.д.а. көмөлөһөрбүт.

Миигин 13 саастаах оҕону 1942-1943-1944 сыллардаахха «Кырамда» диэн биһиги олорор кыра учаастакпытыттан саҕалаан Чуппу, Киэҥ Күөл, Кубалаах, Ивановка диэн сирдэринэн олорор армияҕа барбыт дьоннор кэргэттэригэр анаммыт пособие харчыны, суруктары, хаһыаттары таһарга почтальон оҥорбуттара. Территориям барыта холбоон 5-6 көс (45 км) буолуо, аны Уолбаҕа (почтабын ылар сирим) дылы 9 көс (89 км), барыта холбоон кэлэ-бара 30-ча көс буолар буоллаҕа дии. Сытыы-хотуу өйдөөх, хоһуун соҕус, түргэн туттунуулаах диэтэхтэрэ буолуо. Оччотооҕуга аккаастааһын диэн суох. Сайыны быһа үөрэх аһыллыар диэри сылдьыахтааххын. Почтабын Уолба селотуттан баран почта начальнигыттан ылабын. Кини аата Жараева Мария диэн этэ. Эдэр дьахтар. Биэстии хоно-хоно киниттэн баран сибиэһэй почта ылыахтаахпын. Ол «Кыым», «Социалистическая Якутия», «Правда», «Эдэр бассабыык» хаһыаттар, армияҕа сылдьар дьон суруктара, пособие харчыта этилэр. Бу кыра саастаах оҕоҕо улахан эппиэтинэс эбит. Билиҥҥи 13-ээх оҕолору санааҥ эрэ. Таҥаспыт-саппыт да оччолорго мөлтөҕө сүрдээх. Мин ынах этэрбэстээх, холтуустаах, халтаҥ сонноох этим. Ити соммун Марфа Данилова тикпитэ. Швейнай машинка диэн оччолорго киниэхэ уонна Максимова Ксения Тимофеевнаҕа баара. Чугуун өтүүк диэн син сорох ыалга баара буолуо да, биһиэхэ суох этэ – кыра чугуун көстүрүүлэ баара, ону түгэҕин оһоххо сылыта-сылыта сэрэнэн таҥаскын өтүүктээбитэ буолаҕын.

Бастаан утаа үлэбин ыарырҕаттым аҕай. Суолбун да үчүгэйдик билбэппин, онуоха эбии туох транспорт кэлиэй, сатыы сырыттым. Бу кыра кыыс оҕоҕо ыарахан этэ, сааһым 13-м эрэ. Хаста да сатыы сырыттым (эппитим курдук, 30-ча көстөөх сир, кэлэ-бара). Кумаара, куйааһа сүрдээх. Аһылык, өйүө диэн суоҕун кэриэтэ, биир кыра лэппиэски сыыһа буолар. Оччолорго кураан буолан чугаһынан уу да суох, дэбигис булбаккын. Аны хаһааныаххын билиҥҥи курдук «Роса» бытыыкката буолуохтааҕар, көннөрү арыгы да бытыыкката суох. Утаттахпына ууну дулҕа быыһыттан булунан, үөнүн-көйүүрүн илиибинэн кыратык тарыйа түһэн баран сиидэлээбитэ буолабын уонна иһэбин, хайыаххыный утатарыҥ оччо. Барар сирим ырааҕа диэн сүр. Аны почтам да ыйааһына итиччэ ыраахха ыарахана сүрдээх (куулга уга сылдьаҕын, суумка диэн суох). Тыаттан куттанабын аҕай, ол да буоллар сылайдахпына кууллаах почтабын сыттанан, тиит күлүгэр сытабын да утуйан иһэбин. Ол-бу тыаһыттан уһуктан салгыы айанныыбын.

Ыксааммын нэһилиэгим сэбиэтиттэн (Голиков Иван Иванович – кырдьаҕас оҕонньор) ат көрдөөбүппүн: ат суох, толооҥҥо, аһылыкка сылдьаллар диэн буолла. Оччотооҕуга кэтэх сылгыны, сүөһүнү холкуоска холбоһуктааһын кэмэ этэ. Дьонум уонтан тахса сылгыны холбообуттара. Мин таптыыр мииниллибит түөрт саастаах соноҕоспун эмиэ биэрбиппит. Дьэ ат биэрбэтэхтэриттэн кыһыйдым аҕай. Арай биирдэ дьиэбиттэн чугас, тиэрбэскэ, сылгылары кытта ол соноҕоһум сылдьарын көрдүм. Хорсун санаабын киллэрэммин, ампаарга сүүрэн киирэн ат баһын быатын көнтөстөрү сулбу тардан ыллым да, сылгыларга сүүрдүм. Аҕылаабытым диэн сүр, сүрэҕим тыаһа бииркэм, долгуйуу, куттаныы бөҕөбµн. Уоскуйа сатыыбын. Ол гынан, сылгыларбын күөйэн, соноҕоспун араара сатаатым. Сылгылартан араардым, муннукка хаайдым да быабын моонньугар бырахтым, этэҥҥэ төбөтүгэр кэтэрдэ, аҕырыатын баайа оҕустум, ол кэннэ соноҕоспун сиэппитинэн бардым. Дьиэбэр аҕаллым. Ийэм эрэйдээх - «Оо,» - эрэ диэхтээтэ. Онтон хайы-үйэ үлэбэр бараары бэлэмнэнэн эрэрбин көрөн, соноҕоһун аһынна быһыылаах: «Тоойуом, саатар хоннорон, сынньатан баран сарсын барбаккын дуо?» - диэтэ. Бүгүн барбатахпына хойутууһубун, аны сатыы сылдьыбаппын диэн буолла. Аҕабыттан кистээн оҥордум, кини соноҕоһу харыһыйар буоллаҕа дии бачча ыраах дойдуга сүүрдүҥ диэн, төһө да бэйэтин киэнэ буолбатаҕын үрдүнэн.

Аты ыҥыырдыырым аан бастакым этэ. Куттана-куттана барытын бэйэм син оҥордум. Миинним, кууллаах таһаҕаспын ыҥыырбар уурдум, атым барахсан үчүгэйэ сүрдээх. Түргэнэ, ыаллар көрбөт сирдэригэр сүүрдэ түһэн ылабын. Баран иһэн дулҕаны хаһаммын аппын уулатабын, сороҕор атым бэйэтэ булар. Бүгүн дулҕа хаһан уу булуммут сирбит сарсыныгар уолан хаалбыт буолар. Аны соҕотох буолбатахпын, иккиэбит дии саныыбын. Аппын таптыыбын, кэпсэтэр курдукпун, өйдөһөбүт быһыылааҕа. Дьэ, сити курдук бэйэм күүспүнэн «транспорданным». Кэлин үөрэнэн аппын хонор сирбэр көнтөһүттэн «бууталаан» (ол аата икки илин атаҕын бэрбээкэйин баайабын, оччоҕуна ырааппат) баайан аһатар буолбутум. Күһүнүн холкуос бэрэссэдээтэлигэр анал ааҕынан аппын туттарарым. Ыраах сирдэринэн сылдьабыт. Харчыны, хаһыаты түҥэтэбин, оччотооҕуга кырдьаҕастар, дьон үксэ даҕаны суругу кыайан аахпат этилэр - үөрэх суох буоллаҕа дии, олорго ааҕан биэрэбин. Пособие харчытын –фроҥҥа сылдьар дьон кэргэттэригэр киһи ахсаанынан 50 солкуобай бэриллэр быһыылааҕа – адьас илии баттатан биэрэбин (уопсай испииһэги почтам начальнига суруйан биэрэр онно, барыларыгар туттарбыппын кэннэ, сэбиэт бэрэссэдээтэлэ илии баттыыр, бэчээт уурар) кыра да буолларбын үлэм сүрдээх эппиэтинэстээҕин билэбин.

Почтам үлэтиттэн хас да түгэни ордук сытыытык өйдүүбүн. Кыараҕас «Кубалаах» диэн сиргэ олорор Готовцев Спиридон оҕонньорго бэһис уолун суругун аҕаллым. Оҕонньор суругу «ааҕан кулу» диэтэ. Онтубут ис хоһооно маннык буолла: «Күндү дьонум-сэргэм, кырдьаҕас аҕам, бука бары бырастыыларыҥ, аны хаһан да дойдубар эригиллибэппин. Миигин күүтүмэҥ. Хаарыан дойдум, таптыыр аҕам, бырастыыларыҥ» диэхтээбит. Оҕонньор бэһис уола Мэхээлэ Готовцев диэн этэ. Туохха түбэспитин туһунан суругар суруйбатах. Оҕонньор эрэйдээх умса түһэн олороро, тугу да саҥарбатаҕа, мин сэрэнэн суругу остуолга ууран баран таһырдьаны былдьастым. Атым үрдүгэр олорон иһэн аһынан ытаатым. Кэлин «Память I» диэн кинигэҕэ краевед Егор Андросов таҥан, Таатта улууһуттан барбыттартан төһө киһи өлбүтүн, эргиллибитин туһунан суруйуутугар булан аахпытым: «Готовцев Михаил Спиридонович,1917 сыллаах төрүөх, 2 Баягантайский с/н – пропал без вести» диэн этэ. Туохха түбэһээхтээбитин аны кэлэн билигин ким билиэҕэй. Төһөлөөх дьон итинник суорума суолламмытара буолуой, сэрии алдьархайа диэн итинник этэ.

Аны биир түбэлтэм маннык – почтам начальнига пособие харчытын ааҕан биэрэр. Мин ыларбар эмиэ ааҕабын. Биирдэ оннук аахсыыга көрбүтүм, 1,5 мөһөөҕүнэн ордук биэрбит. Тиритиэхпэр диэри хаста да аахтым. Аны кыыспыттан толлобун аҕай, эчи мааныта, кыраһыабайа да сүрдээх, уонна оччолорго үөрэхтээх, үлэһит дьонтон киһи кыбыстар, толлор этэ. Сэрэнэн-сэрэнэн - «бу, эн миэхэ сыыһа биэрбиккин быһыылаах» -диэтим. Кыыһым үөрдэ да үөрдэ, баһыыбалаата, сыллаан ылла. Оччолорго харчыга итэҕэстэнниҥ да - хаайыыга бараҕын, бириэмэтэ оннук этэ.

Дьэ туран, күһүн буолла, хараҥарда. Атым үрдүгэр олорон айаннатан иһэн сылайан утуктуубун аҕай. Охтумаары атым быатын илиибэр эрийэбин, Биирдэ утуйан ылбыппын быһыылаах соҕотохто аппыттан сууллан эрэрим баара да, төбөбүнэн бардым. Уһукта биэрдим, атым барахсан сытырҕаан көрө, иһэрсийэ бу тураахтыыр эбит. Турдум да салгыы айаннаатахпыт дии.

Иккис сайыммар Хаандыгаттан хаайыылаахтар күрээбиттэр үһү, аара сылгыны-сүөһүнү өлөрөллөр, ыһыктарыгар биирдэ сиир эти сүгэн бараллар үһү эҥин диэн сурах барда. Чопчу миэхэ туһаайыллыбыт курдук буолла. Куттанабын аҕай. Наар аппын харыһыйабын уонна почтабыттан куттанабын – хайа харчыны илдьэ сырыттаҕым дии, бэйэм туспунан улаханнык санаабаппын даҕаны. Хата барыта этэҥҥэ ааспыта.

Дьэ сити курдук хас сайын устата, сынньанар диэни билбэккэ, ас-таҥас кырыымчыгын аахсыбакка, сылайар-ыалдьар диэни умнан туран күүһүм баарынан сүрдээх эппиэтинэстээх үлэҕэ үлэлээбитим, биир да хаһыаты, харчыны, суругу сүтэрбэккэ, бириэмэтигэр суһаллык тириэрдэн Улуу Кыайыыга тиийэргэ мин сэмэй кылаатым эмиэ баара буолуо дии саныыбын. Оччотооҕу сэрии кэминээҕи оҕолор, дьахталлар бары даҕаны оннук дьаныардаахтык үлэлиир этибит. Барыта фроҥҥа, барыта Кыайыы туһугар диэн этэ оччолорго.

Кыайыы биллэриллибит күнүн субу баардыы өйдүүбүн. Хаар түспүтэ ол күн. Сарсыарда ыам ыйын 10 күнүгэр үөрэнэ олордохпутуна директорбыт Кулачиков Михаил Романович Кыайыы буолла диэн биллэрдэ. Почтальон Ытык-Күөлтэн түүннэри айаннаан үөрүүлээх телеграмманы аҕалбыт. Эйэлээх, дьоллоох олоххо тиийиэхпит диэн үөрүү, миитиннэр бөҕө буоллулар. 10,11 куннэргэ выходной биллэрилиннэ. Дьиэбэр Кырамдаҕа бардым. Аара суолга көрсүтэлээбит дьонум бары сүргэлэрэ көтөҕүллүбүттэр, үөрбүттэр-көппүттэр, били түспүт хаарбыт ууллан, оту-маһы сиигирдэн, аҕыйах күнүнэн халдьаайылар көҕөрдүлэр, талахтар, хатыҥнар, тииттэр тылыннылар, айылҕа барахсан биһигинниин бииргэ үөрдэ, силигилии тылынна.

Оройуон киинигэр Ытык-Күөлгэ Кыайыы ыһыаҕа бэс ыйын 22-23 күннэригэр буолбута. Ол күннэри төрүт умнубаппын.

Биһиги Уус-Тааттаттан Ытык-Күөлгэ хаһыа да буолан дьоҥҥо кыттыһан атынан киирбиппит. Ыһыах аһыллыытыгар кыра ардахтааҕа. Түһүлгэҕэ сэттэ симэммит аттарга сэттэ сахалыы таҥастаах кыргыттары мииннэрэн сэттэ эдэр дьонунан сиэттэрэн киллэрбиттэрэ. Икки күнү быһа сахалыы оонньуулар, концердар, оһуохайдар буолбуттара. Тула олорор холкуостар ыһыахха мустубут дьону барытын саламаат, алаадьы, сымыыт, арыы, үрүмэ, сылгы-ынах үөлүллүбүт эттэрэ, көбүөрдээх лэппиэски, кымыс, үүт, суорат киллэрэннэр, ким төһөнү уйарынан, буор-босхо аһаппыттара. Биир да итирик киһини көрбөтөхпүт. Биһиги оҕолор түүнү быһа чөмөх-чөмөх мустан «кыыртаах кус», «былаах былдьаһыыта» оонньообуппут, оһуохайдаабыппыт. Улаханнык ааппытын-суолбутун да ыйыталаһыы суоҕа. Билигин ким эмэ баара дуу ол оҕолортон, өйдүүллэрэ буолуо Кыайыы ыһыаҕын. Бу ыһыах умнуллубат өйдөбүл.

Манна даҕатан сэрии иннинээҕи биир ыһыаҕы санааччыбын. Хаһыс сыллаахха эбитэ буолла – Ойуунускай П.А. Верховнай Совет депутата буолбутугар аналлаах ыһыах 2 Байаҕантай нэһилиэгэр буолбута. Ол ыһыахха үгүс элбэх киһи үөрэн-көтөн, оонньоон күлэн ааспыттара. Спортивнай оонньуу бөҕө буолта. Онно мин кыра оҕо этим, мин көрдөхпүнэ оччотооҕу эдэр дьон,ыччат бары уҥуохтарынан улахаттара, бэйэлэрин кыаналлара, күүстэрэ-уохтара сүрдээх быһыылаахтара, билиҥҥи дьонтон быдан таһыччы тэтиэнэх курдуктар этэ. Ол дьонтон үксүлэрэ сэриигэ былдьаннахтара.

Сэрииттэн биһиги нэһилиэккэ бастакы эргиллибит дьон 1945 сыл сэтинньитигэр кэлбиттэрэ. Ол Баишев Николай Власьевич (мин таайым), Голиков Николай Иннокентьевич – «Кыһыл Сулус» орденнаах кэлбитэ, Тарабукин Петр Степанович I, Тарабукин Иван Степанович этилэр. Кинилэргэ анаан Өктөөп бырааһынньыгар «Кыһыл Сыһыы» холкуоска көрсүһүү оҥорбуттара. Хайдах, ханна сэриилэспиттэрин кэпсээбиттэрэ, бу дьоҥҥо биирдии сүөһүнү бэлэх биэрбиттэрин өйдүүбүн. Постников Петр Евсеевич диэн эмиэ биһиги нэһилиэк киһитэ Германияҕа тиийэ сэриилэһэн дьиэтигэр эргиллибитэ. 1945 сыллаах выпуска, оскуоланы бүтэрэрбитигэр 14 уол, 2 кыыс этибит. Ол выпустан бииргэ үөрэммит оҕолортон билигин Иван Иосифович Винокуров, Виктор Васильевич Неустроев, уонна мин баарбыт.

Билиҥҥи ыччаттарга анаан этиэхпин баҕарабын: биһиги, үлэ-тыыл ветераннара, олорбут олохпутун эһиги салгыыгыт, Саха тылын-өһүн, үгэһин, культуратын эһиги салгыыгыт, сайыннараҕыт, олоҕу тупсараҕыт, күн сирин оҕолоро айыы куттаах, ыраас дууһалаах, аһыныгас өйдөөх-санаалаах ийэлэр-аҕалар буолуҥ, дойдугут аатын-суолун үйэлэр тухары түһэн биэримэҥ”.

Дьэ сити курдук, мин эбэм Николаева Александра Тимофеевна дьонун-норуотун кытары бииргэ Улуу Кыайыыны уһансыбыта. Кини курдук сэрии оҕолоро элбэхтэр, кинилэр курдук хоһуун үлэһит дьоҥҥо биһиги сүгүрүйүөх тустаахпыт, кинилэр ааттарынан киэн туттуохтаахпыт.

1944 год, 12 февраля. Учителя и учащиеся Усть-Таттинской семилетней школы. Наша бабушка Николаева А.Т. первая справа наверху.

1955 г. Усть-Таттинская школа. Директор Андросов С.К. Сидит справа Колодезникова С.В.- учительница младших классов.

Бабушка и дедушка 1955 год.

Бабушка и дедушка 60-летие победы. 2005 г. Якутск

Основные термины (генерируются автоматически): мина, биир, кыра, бар, баран, Николаев, почта.


Задать вопрос