Мин эбэм Чурапчы көhөрүүтүн кыттыылааҕа | Статья в журнале «Молодой ученый»

Отправьте статью сегодня! Журнал выйдет 4 января, печатный экземпляр отправим 8 января.

Опубликовать статью в журнале

Библиографическое описание:

Кузьмина, С. Е. Мин эбэм Чурапчы көhөрүүтүн кыттыылааҕа / С. Е. Кузьмина. — Текст : непосредственный // Молодой ученый. — 2016. — № 29.1 (133.1). — С. 43-45. — URL: https://moluch.ru/archive/133/37277/ (дата обращения: 24.12.2024).



Мин эбэм, Егорова — Григорьева Мария Афанасьевна Чурапчы оройуонун Одьулуун нэhилиэгин, Төҥүргэстээх холкуоhун Эмээки сайылыгар алтынньы 16 күнүгэр 1935 сыллаахха төрөөбүтэ. Аҕата Григорьев Афанасий Федорович, ийэтэ Евдокия Константиновна Чурапчы сириттэн төрүттээх этилэр. Бииргэ төрөөбүт иккиэлэр. Эдьиийэ Александра Афанасьевна Нам оройуонун II Хомустааҕар кэргэн тахсан олохсуйбут.

Аҕа дойду сэриитин кэмигэр 1942 сыллаахха сут-кураан сыллар тураннар, Чурапчы оройуонун дьонун Хоту Кэбээйинэн, Булунунан балык хостооhунугар ыытарга диэн үөhээ былаастар уураах таhааран, хаhан да билбэтэх, көрбөтөх сирдэригэр көhөр буолан хаалбыттар. Сэрии буола турар буолан барыта Кыайыы туhугар, барыта фроҥҥа диэн кытаанах дьаhал, ирдэбил этэ. Ким барбатах норуот өстөөҕө курдук көрүллэн хаайыыга барар кутталлааҕа. Дьон чулуулара, кыахтаахтара бары армияҕа ыҥырыллан бара тураллара.

Ыарыhах эр дьон, дьахталлар, оҕолор, кырдьаҕастар кыаммат, кыра оҕо диэн да аахсыбакка, туттар кыра сээкэйи кытта утуйар эрэ таҥастарын ыларга көҥүллээн, 2–3 хонугунан Аллараа Бэстээххэ хоту барар борохуот кэлэригэр баар буолуохтааххыт диэн ыксатан күhүн, ким хайа сатанарынан оҕус, ат, ынах көлөлөнөн маhы эрбээн чуурка маhы көлүөhэ оҥостон сыарҕанан көспүттэр.

Эбэм оччолорго 7-лээх эрэ оҕо этэ. Кини аҕата уонна эдьиийэ буолан көспүттэр. Ийэтэ эрдэ өлбүтэ, эбэтэ эмиэ ийэлэрин кэнниттэн кыраларыгар өлбүт. Сорох арыый кыанар өттө 2–3 сүөhүлэрин илдьэ барбыттара. Сотору төннөн кэлиэхпит диэн улахан малларын-салларын барытын хаалларан бараахтаабыттар. Хас да хонугу быhа айаннаан, аара эрэй бөҕөнү көрөн нэhиилэ Аллараа-Бэстээҕи булбуттар.

Ас-таҥас да мөлтөҕө, күhүҥҥү тымныылар түhэн эрэр кэмнэрэ буолан, хас да хонугу быhа борохуоттарын кэтэhэн, аhаҕас кумах биэрэккэ тыалга быhа үрдэрэн, тоҥон ыалдьааhын, аччыктааhын саҕаламмыта. Улахан кутаа уот оттон чэй өрүнэн-иhэн, иттэн ылаллара.

Кэмниэ кэнэҕэс борохуот кэлэн дьону, сүөhүнү барыларын ыга симэн аттаныахтаах сирдэригэр айаннаабыттар. Аара баран иhэн хас да кырдьаҕас, оҕо өлбүттэр. Олору аара тохтоон суолтатыгар иин хаhан, таҥаска суулаан көмөн ааhаллара. Борохуокка ынахтар маҥыраhаллара, оҕолор ытабыллара, дьон саҥата биир кэм куугунаан олороро.

Ырааттар ыраатан истэхтэрин аайытын хоту дойду тымныыта биллэн барбыта. Сииктээх тымныы салгын, инчэҕэй хаар түhэн барбыт. Тус-туспа холкуостары анаммыт сирдэригэр аара тохтоон түhэрэн иhэллэрэ. Эбэм ааҕы Төҥүргэстээхтэри Таас-Тумул диэн сиргэ аҕалан сүөкээбиттэр. Дьэ били бэлэмнээбит дьиэлэригэр, аска-таҥаска тиийиэххит диэбиттэрэ хайата да суох, кураанах киhи кыстаабатаҕа ырааппыт биир эрэ балаҕан баар сиригэр аҕалан быраҕан кэбиспиттэр. Хайыахтарай ол балаҕаны сөргүтэн сыбаан, оhох тутан ол дьиэлэригэр кыстаабыттар. Ол сиртэн чугас соҕус дьон олорор сирэ баар быhыылааҕа.

Муус томмутун кэннэ муҥхалааhын саҕаламмыта. Хаhан да балыкка муҥхаҕа үөрүйэҕэ суох буолан, ньэмин да билбэт буолан, ол сыл аанньа балык кэлбэтэх. Хас кэлбит балык барыта ааҕыллан, ыйааhыҥҥа ууруллан государствоҕа туттарыллын иhэрэ. Былаан биэрэн туоларын ирдэhэллэрэ. Ол балыктан кыраны да ылан сирин бобуулааҕа. Барыта фроҥҥа, кыайыы туhугар диэн буолара. Ыар, куhаҕан олохтон дьон аччыктааhына, ыалдьан өлөөhүнэ элбээбитэ. Нуорма бурдук сыыhын биэрэллэрэ да дуона суох буолара. Ыксаан ырыганнаан өлбүт сүөhү этин, тириитин, от-мас сутукатын хааhыга эбии булкуйан сииллэрэ. Андаатары түбэhэн буллахтарына хата ону буhаран син онон өллөнөллөрө. Аччык дьон тугу-тугу аhаабатахтара баарай.

Саас сорохторун Сангаарга таас чоххо ыыппыттара. Онно мин эбэм дьоно хабыллан, аны ол дойдуга барбыттар. Аҕаларын тиийбитин кэннэ армияҕа ыҥыран ылбыттара. Эбэм эдьиийинээн хаалан таас чоххо үлэлээбиттэр. Эбэм кыра буолан эдьиийэ ханна барар да батыhа сылдьан, кыайарынан тугу барытын гына сатыыра. Аҕалара армияҕа барарыгар эбэбин сэниэ ыалга Таас Тумуска, оҕо гынаары көрдөөбүттэригэр биэрээри гыммытын эдьиийэ бэрдэрбэтэх. «Аҕам бука, маннык ыарахан олохтон кыра киhи ыалдьан сүтүө диэн санааттан биэрэ сатаабыт буолуохтаах» — диир эбэм. 1944 сыллаахха аҕалара доруобуйатынан сыыллан — үлэ фронугар төннөн кэлбитэ. Көр онно аҕалара кэлбитин көрөн, эдьиийинээн наhаа да үөрбүттэрин күн бүгүҥҥэ диэри өйдүүр.

Кэлин Чурапчылары дойдуларыгар төннөллөрүгэр көҥүллээн, ким аара хаалан атаартаан, сэниэ ылан дойдуларыгар баралларын көҥүллээhин буолбут этэ. Эбэм аах Нам оройуонун II Хомустаах «Үүнэр олох» холхуоhугар тиийбиттэр. Онно кинилэри кытта көhүүгэ сылдьыбыт Чурапчылар бааллара. Сорохтор Талайдар, Мугудайдар уо.д.а. этилэр. Олор истэригэр Захаровтар, Куличкиннар, Местниковтар, Наумовтар, Ксенофонтовтар, Мунхаловтар бааллара уонна өссө Чурапчы оройуонун аҕа баhылыгынан олорбут Аммосов Иннокентий Николаевич дьоно Аммосовтар бааллара.

Ол кэлиэхтээх сирдэригэр Чурапчылар кэлэллэрин эрдэ биллэрбит буоланнар, олохтоохтор дьиэ-уот бэлэмнээн, ас үөл бөҕөнү тардан үөрэ-көтө көрсүбүттэрэ, бэйэтэ бырааhынньык курдук этэ.

Өҥ, хочо сир буолан сүөhү-ас бөҕө, дьонноро-сэргэлэрэ үлэhиттэрэ, эйэҕэстэрэ, сирдэрэ-уоттара кыраhыабайа киhи кутун-сүрүн тутар дойду этэ. Кэлбит дьоҥҥо үлэ булан биэрэн, оҕолорун оскуолаҕа киллэттэрэн, бэйэ дьоно буола түспүттэр. Аҕата уонна эдьиийэ ол дойдуга кэргэн тахсан олохсуйан хаалбыттар. Кинилэри кытта Захаровтар, Наумовтар, Ксенофонтовтар, Мунхаловтар иккис дойду оҥостон оҕо-уруу тэнитэн олохсуйа олороллор. Атыттара кэлин дойдуларыгар Чурапчыга көспүттэр.

Эбэм начаалынай оскуоланы бүтэрэн баран, салгыы Намҥа бэйэтигэр тахсан 5–6 кылааhы бүтэрбит. 7-с кылааhы Дьокуускайга таайыгар Крюков Гаврил Константиновичка олорон бүтэрбит. Онтон икки сыллаах повар үөрэҕин бүтэрэн, хоту ананан тиийэн үлэтин онно саҕалаабыт. 1966 сыллаахха Хаҥалас оройуонугар 1 Дьөппөҥҥө поварынан анаан ыыппыттар. Бу дойдуга аналын көрсөн, Егоров Степан Гаврильевичка кэргэн тахсан 3 оҕолонон 4 сиэн оҕону биэбэйдээн, бу сири-уоту, дьонун-сэргэтин сөбүлээн иккис дойду оҥостон үлэлээн-хамсаан билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. Үлэлээбит сылларыгар үтүө суобастаахтык үлэлээн сылдьыбытын, нэhилиэгин общественнай олоҕор кыаҕын баарынан кыттыбытын, бар-дьон үтүө сыанабылын ылбытын туоhуларынан үгүс грамоталара, хайҕал суруктара, Чурапчы көhүүтүн кыттыылааҕа, сэрии кыттыылааҕын ветеранын 2006 с удостверениялара, тыыл, үлэ ветерана бочуоттаах аата иҥэриллибитэ буолар.

Ол курдук, сэрии кэмигэр сут-кураан сылларыгар мин эбэм Егорова Мария Афанасьевна кыра саастаах оҕо этэ. Кини бу ыарахан кэмҥэ ордон хаалбытыгар аҕатыгар уонна эдьиийигэр улаханнык махтанар. Бу эбэм ахтыыта биhиги дьиэ кэргэн үйэлэр тухары уура, көрө сылдьар өйдөбүнньүктэрэ буолуон баҕарабын. Эбэм куруук доруобай, үөрэ-көтө сырыттын. Кини өссө да уhуннук олороругар баҕарабын.

Основные термины (генерируются автоматически): кыра.


Задать вопрос