Алампа бириэмийэтэ — үйэтитии биир көрүҥэ | Статья в журнале «Юный ученый»

Отправьте статью сегодня! Журнал выйдет 28 декабря, печатный экземпляр отправим 1 января.

Опубликовать статью в журнале

Автор:

Научный руководитель:

Рубрика: Спецвыпуск

Опубликовано в Юный учёный №5 (57) май 2022 г.

Дата публикации: 07.04.2022

Статья просмотрена: 41 раз

Библиографическое описание:

Андросова, Эмма. Алампа бириэмийэтэ — үйэтитии биир көрүҥэ / Эмма Андросова, Г. Ф. Им. — Текст : непосредственный // Юный ученый. — 2022. — № 5.1 (57.1). — С. 5-6. — URL: https://moluch.ru/young/archive/57/2979/ (дата обращения: 17.12.2024).



Норуотун туһугар олоҕун анаан үлэлээбит, айбыт-туппут, сүдү кылааты киллэрбит киһи аата үйэлэргэ умнуллубат, уос номоҕо буолан ааттанар, кэнчээри ыччат кининэн киэн тутта улаатар. Онно үйэтитии биир сүдү суолтаны ылар. Дэгиттэр талааннаах суруйааччы, тылбаасчыт, кириитик, “Чолбон” сурунаал бастакы эрэдээктэрэ, саха театрын төрүттээччи, бөдөҥ общественнай деятель Анемподист Иванович Софронов — Алампа өлүөн икки хонук иннинэ алтынньы 22 күнүгэр 1935 с. суруйбут кэриэс суругар үһүс пуунунан маннык сурулла сылдьар: “Союз советских писателей Якутии должен учредить из средств, выручаемых из моего литературного наследствия, постоянную премию моего имени на лучшие драматические произведения на якутском языке”.

Бу кэриэс тыла 84 сыл буолан баран туолан, 2019 с. общественнай “Алампа бириэмийэтэ” олоххо киирбитэ. Бириэмийэни СӨ айар сойуустарын ассосиацията уонна Олоҥхо театра Алампа кэриэс тылын толороору олохтообуттара. Актердарга, режиссердарга уонна искусство араас көрүҥнэрин деятеллэригэр туттарыллар. Бириэмийэ үрүҥ көмүс значок уонна статуекка туттараллар. Бастыҥнартан бастыҥнары 10 анал аатынан ааттыыллар. Ол курдук, «Драматургическое произведение», «Режиссёр», «Художник», «Кинематографист», «Меценат года», «За верность профессии», «Лучший актёр» и «Лучшая актриса», «Композитор-мелодист» и «Литературное слово». Олоҥхо театрын дириэктэрин солбуйааччы Мария Турантаева маннык суруйар: “Имя Анемподиста Софронова-Алампа дано премии не случайно. «Многие знают его как поэта, драматурга, основателя первого якутского театра. Хотим, чтобы человек с таким именем, с такой мощной историей остался и жил в сердцах людей, как и премия, которую мы назвали в его честь». «Торжественность случая уникальна, потому что премию учредила общественность. Это очень подходит для увековечения памяти Анемподиста Софронова — Алампа, который воистину был человеком от народа. Главная фраза из его произведений, которую я запомнил на всю жизнь, звучит просто, пронзительно искренне, правдиво, от всей души: «Туохха да тойон — норуот, норуот! Норуоттан тутуһуҥ, норуокка туһалааҥ!» (Во главе всего — народ, народ! Работайте во имя интересов народа, приносите пользу народу!)», — диэн Андрей Борисов бу бириэмэйэ норуоттан тахсыбыт бириэмэйэ буоларын туоһулуур.

2019 с. анаммыт 10 бириэмэйэ барыта тутарыллыбыт. Олор истэригэр Валентина Григорьевна Семенованы ааттыахха сөп, кини билиҥҥи кэмҥэ Алампа аатын саамай үйэтиппит, олоҕун, айар үлэтин барытын үөрэппит-чинчийээччинэн буолар. 2020 с. «За верность профессии» уонна «Меценат года» анал ааттар туттарыллыбатахтар. «Драматургическое произведение» диэн оннугар «Лучший драматург» диэн буолбут. «За верность профессии» «За верность Алампа» диэҥҥэ уларыйбыт. Сылын аайы Алампаны чинчийэр дьоҥҥо туттараллар. Ол курдук, 2020 с — Попова Галина Семеновна — Санаайа, Татьяна Слепцова ылбыттар. «Лучший автор-песенник» диэн аат 2020 сылтан баар буолбут. Бу бириэмийэ сылын аайы туттарыллан истэҕинэ, элбэх киһи бу наҕараадаҕа тиксиэн, үлэтэ сыаналаныан сөп, оччоҕо Алампа кэриэс тыла туоларыгар тиийэр, Алампаны үйэтитиигэ элбэх үлэ ыытыллан иһиэ.

Маннык улахан бириэмийэ ананыан иннинэ биһиги оскуолабытыгар “Алампа стипендиата” диэн анал бириэмийэ 2001 сыллаахха олохтоммута, сылын аайы туттарыллар. Стипендияны Алампа төрөөбүт түөлбэтин “Дьохсоҕон нэһилиэгэ” МТ баһылыга Михаил Лукич Архипов олохтообута. “Алампа стипендиата” диэн анал аат А. И. Софронов — Алампа олоҕун илгэтин, айар үлэтин үөрэтиигэ чинчийэр үлэнэн утумнаахтык дьарыктанар, саха тылын, литературатын дириҥэтэн үөрэтэр, ситиһиилээх, оскуолабыт бастыҥ үөрэнээччитигэр сылын аайы суруйааччы төрөөбүт күнүгэр Оскуола күнүн бэлиэтииргэ туттарыллар. Бу анал аат харчынан бириэмэйэлээх. Бу стипендиат оҕолор бары төрөөбүт тылбыт сүөгэйин-сүмэтин билэр, Алампа олоҕун илгэтин, айар үлэтин утумнаахтык үөрэппит, чинчийбит, араас НПК-лар кыайыылаахтара, ситиһиилээх, кыайыылаах оҕолорунан буолаллар. Ол курдук, элбэх ситиһиилэриттэн саамай сүрүн ыллахха, Японияҕа ыытыллыбыт “ЭКСПО — 2005” быыстапка эдэр кэрэспэдьиэнэ Сардана Игнатьева, Санкт-Петербург куоракка ыытыллыбыт Бүтүн Россиятааҕы “Интеллектуальное возрождение” НПК-конкурс дипломана Уйгулана Матаннанова, олоҥхону суруйарга, толорорго холонооччу Иван Иванов, араас уус-уран ааҕыылар кыайыылаахтара, артыыс талааннаах Миша Колесов, “Хотугу сулус” ДТРК эдэр кэрэспэдьиэнэ Дима Бояров, өрөспүүбүлүкэтээҕи саха литературатын олимпиадатын призера Эдда Самырова уо.д.а. Быйылгы стипендиатынан 11 б кылаас бастыҥ үөрэнээччитэ, Амма Аччыгыйа “Сааскы кэм” романынан уус-уран киинэ сүрүн оруолун толорооччу, элбэх драм.көрүүлэр, дьүһүйүүлэр кыайыылаахтара “Түһүлгэ” театральнай, “Туллук” драм.кулууп бастыҥ артыыһыгар Алеша Петровка буолла.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи Алампа бириэмийэтэ биһиги оскуолабыт стипендиятыттан уратыта диэн анал статуеткалаах. Онон инникитин биһиги оскуолабыт стипендиата эмиэ анал бэлиэлээх буолуон баҕарабын. Анкетам түмүгүнэн, статуэтка Алампа бэйэтин мэтириэтэ, туллук бэлиэтэ, куорсун ойуута буолун сөп дииллэр.

Алампа бириэмийэтэ чахчы улахан ситиһиилэрин, кылааттарын иһин туттарыллар эбит. Культура, искусство, литература, киноматография сайдыытыгар төһүү кылаат буолар. Маннык бириэмийэ олохтоммута, Улуу киһибит аатын үйэтитиигэ, олоҕун, айар үлэтин үөрэтиигэ, чинчийиигэ олук буолар, ааттара сылын аайы умнуллубакка ааттанар, анал туһаайыылаах үлэ ыытыллар.

“Аан дойдуга төрөөн-үөскээн киһи буолан бэлиэ хаалларарым — ити айымньыларым буолаллар, ону сыа-сым курдук тутаннар, кэнэҕэски үөскүүр ыччакка билиһиннэрэллэрэ буоллар, мин дьолум буолуо этэ...” диэн улуу киһибит Алампа эппит кэриэс-хомуруос тыллара олоххо киирэ турдахтарына, утумнаах үлэ баар буолуоҕа.



Задать вопрос