Саха Саарыннара Алампа уонна Былатыан Ойуунускай | Статья в журнале «Юный ученый»

Отправьте статью сегодня! Журнал выйдет 28 декабря, печатный экземпляр отправим 1 января.

Опубликовать статью в журнале

Автор:

Научный руководитель:

Рубрика: Спецвыпуск

Опубликовано в Юный учёный №5 (57) май 2022 г.

Дата публикации: 07.04.2022

Статья просмотрена: 120 раз

Библиографическое описание:

Сивцева, Санаайа. Саха Саарыннара Алампа уонна Былатыан Ойуунускай / Санаайа Сивцева, Г. Ф. Им. — Текст : непосредственный // Юный ученый. — 2022. — № 5.1 (57.1). — С. 97-98. — URL: https://moluch.ru/young/archive/57/3003/ (дата обращения: 17.12.2024).



Таатта элбэх талааннаах үтүөкэн дьоннору үөскэтэн таһаардаҕа. П. А. Слепцов-Ойуунускай саха советскай литературатын төрүттээбит суруйааччы, Саха Судаарыстыбаннаһын тэрийсибит, сүүрбэһис үйэ саҥатыгар олох-дьаһах уларыйыытын оҥорбут уһулуччулаах политическай деятель, лингвист учуонай. А. И. Софронов саха суругунан литературатын төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ, талааннаах драматург, лирик поэт, прозаик, «Чолбон» сурунаал бастакы эрэдээктэрэ, саха театрын төрүттээччи. Иккиэн Таатта илгэлээх сиригэр-уотугар улаатан, дьадаҥы ыалтан төрүттээх буоланнар, үөрэххэ тардыһыылаах буола үүммүттэрэ, олох кыһалҕатын билэ улааппыттара.

Саха суруйааччыларын төрүттэрин туһунан Г. В. Попов “Хантан хааннаахпыный?” кинигэтигэр А. И. Софронов аҕатын, ийэтин ууһун ырыппыта. Ону суруйааччы ийэтэ Сивцева Елена Афанасьевна буолара ыйыллар. Елена Афанасьевна төрөөбүт аҕатын ыраах төрдө Дьохсоҕон оҕонньор ойоҕо Былах эмээхсин эбит. Былах эмээхсин уолуттан Сивцев аймах ууһаан, революция ырыаһыта П. А. Ойуунускай, суруйааччылар Суорун Омоллоон, Амма Аччыгыйа үөскээбиттэр. Оттон Алампа төрөппүт ийэтэ Елена Афанасьевна Сивцеваны күн сиригэр көрдөрбүт киһинэн Матрена Григорьевна Старостина буолар. Сахаҕа аатырбыт-суолурбут Григорий Иванович Старостин — Уот Ыстаарыһын (1779–1831) суос-соҕотох мааны кыыһа. Ити аата А. И. Софронов ийэтинэн эбэтэ М. Г. Старостина уонна ийэтин хос эһэтэ Уот Ыстаарыһын эбиттэр диэн сурулларынан, Алампа уонна Былатыан Ойуунускай Былах эмээхсининэн аймахтыы буолаллар. Кыраайы үөрэтээччи Егор Дмитриевич Андросов “Олоххо тардыһыы күүһэ” кинигэтиттэн мин аймахтарым Сивцевтэр төрүччүлэрин оҥордум.

Ойуунускай Алампаттан сэттэ сыл кыра. Алампа Кирилэ Дабыыдап диэн балыгынан эргинэр баай атыыһыкка үлэһитинэн киирбит кэмигэр политсыылынайдары, саха революционнай ыччатын бастыҥ көлүөнэтин, ол иһигэр Былатыан Ойууунскайы кытта чугастык билсибитэ. Алампа «Дьадаҥы Дьаакып» драматыгар Ойуунускай Ньукулай оруолун оонньообут, атын да пьесаларыгар сөбүлээн кыттар эбит. 1921с. губревком бэрэсэдээтэлэ П. А. Ойуунускай А. И. Софроновы национальнай театр комиссарынан уонна режиссерунан анаабыта. Кэлин Алампа театр сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. 1925 с. кулун тутар 30 күнүгэр Киин Ситэриилээх Комитет уурааҕынан Саха сиригэр «Саха кэскилэ» научнай-чинчийэр общество тэриллэр. Тэрийэр бюро састаабыгар А. Е. Кулаковскай, П. А. Ойуунускай, А. И. Софронов талыллаллар. М.Габышев аатынан музей директора А. Л. Габышева маннык суруйар: «История национального-художественного музея РС восходит к 1920-м годам и связано с научно-исследовательским обществом «Саха кэскилэ», в котором секцию искусства возглавляли выдающиеся деятели национальной культуру, литературы и искусства П.А Ойунский и А. И. Софронов». 1925с Алампа Ойуунускайга анаан «Махтал» диэн акростих хоһоону суруйбута, инники дорҕооннорун аахтахха, «Былатын Ойуунускай» диэн тахсар. Алампа онно маннык бэлиэтээбит: «Этот акростих безусловно не имеет литературного значения, но я вношу как пример или образец». Бу хоһооҥҥо Алампа быраатын Былатыаны хайҕаан, үөрэн-көтөн туран суруйар: Былатыан дьадаҥы боростуой хара үлэһит дьон олоҕун тупсараары, кинилэр кыһалҕаларын ылынан, саҥа олоҕу олохтообутун, «наар дьадаҥыны таптыырын», «уус-уран тылынан сахалыы сарбанньахтаан саҥарарын, кулан куйусхан хоһоонунан айылҕаны айдааран айхааллыырын» ис сүрэҕиттэн астынан туран, «эҕэрдэлээн» суруйар уонна тоҕо эрэ бэйэтин Былатыан талааныттан намтатар курдук «Уйбаан оҕонньор отох оҕото / атах сыгынньах Алампа айхаллаатым» диэн түмүктүүр. Алампа Былатыан уус-уран хомоҕой тыллаах хоһоонньут буоларын үрдүктүк тутан, 1929с. көскө сылдьар кэмигэр «Ини-бии» диэн поэматыгар эмиэ арылхайдык көстөр. Поэма иккис түһүмэҕэр поэт бэйэтин талаанын намтата сатыыр уонна аччыгый быраатын Былатыаны хайҕаан суруйар. Алампа «Мелкие записи о литературе и черновые записи стихов» диэн тэтэрээтигэр 1926 сыллаахха кулун тутар 26 күнүгэр маннык бэлиэтэммит: «Ойунский — певец красной бури в совершенстве овладевший размеренным и чеканным стихом». Өссө маннык сыаналаан турар: «Ол Былатыан революционерынан да, талаанынан да биһиэхэ холооно суох улахан киһи буоллаҕа дии… биһигини киниэхэ тэҥнии барар табыгаһа суох…». Бу дириҥ ис хоһоонноох тылларга чахчы бары өттүттэн үрдүктүк тутара, сыаналыыра өссө төгүл бигэргэтэр. 1935 с. Алампа сыылкаттан ыалдьан кэлэн сыттаҕына, Ойуунускай баран хаста да көрсөр. Кэриэс тылын суруйарыгар туоһу буолбута. Ойуунускай Алампаҕа ыарахан, «норуот өстөөҕө» ыар ааты сүгэ сылдьар кэмигэр, күүс-көмө, өйөбүл буолбута. Былатыан Алампаны суруйааччы да, киһи да быһыытынан ытыктыыра, сыаналыыра, кининэн киэн туттара. Былатыан Алампаҕа үтүө сыһыанын өйдөөн, кини былыргылыы оһуор ойуулаах суругун остуолун, рукопиһын, дневниктэрин уонна атын матырыйаалларын Суруйааччылар союзтарыгар биэрбитэ. Ойуунускайдаах Алампа саха литературата уонна Саха сирэ сайдарыгар улахан күүстэрин-уохтарын биэрбит дьон буолаллар. Ол эрээри турууласпыт, тэрийсибит, сыраларын биэрбит былаастарыттан хара балыырга түбэһэн, «норуот өстөөҕө» ыар ааты ылбыттара. Алампа 1928 с. хаайыллан 5 сыл устата хаайыыга сыппыта, үтүө аата 1963 с. төннүбүтэ. Былатыан Ойуунускай 1939с хаайыыга сытан өлбүтэ, ханна көмүллэ сытара биллибэт, буруйа суоҕа дакаастанан, аата 1955с алтынньы 15 күнүгэр ыраастаммыта. Кинилэр айымньылара сүппэт сүҥкэн дириҥ суолталаахтар. Ити айымньылартан биһиги киһи өйө-санаата сайдан, уларыйан иһэрин көрөбүт. Олоххо күүстээх санаалара, норуоттарын туһугар кыһамньылара, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолуулара, ыарахан күннэргэ бэйэ-бэйэлэригэр истиҥ сыһыаннара, эрэллээх доҕордоһуулара биһигини элбэххэ үөрэтэр, биһиэхэ холобур буолар. Кинилэр туолбатах баҕа санаалара — инники кэскил соруга!



Задать вопрос