А. Ф. Бояров уонна А. И. Софронов алтыспыт түгэннэрэ — эрэллээх доҕордоһуу туоһута | Статья в журнале «Юный ученый»

Отправьте статью сегодня! Журнал выйдет 28 декабря, печатный экземпляр отправим 1 января.

Опубликовать статью в журнале

Автор:

Научный руководитель:

Рубрика: Спецвыпуск

Опубликовано в Юный учёный №5 (57) май 2022 г.

Дата публикации: 07.04.2022

Статья просмотрена: 7 раз

Библиографическое описание:

Плотников, Сергей. А. Ф. Бояров уонна А. И. Софронов алтыспыт түгэннэрэ — эрэллээх доҕордоһуу туоһута / Сергей Плотников, Г. Ф. Им. — Текст : непосредственный // Юный ученый. — 2022. — № 5.1 (57.1). — С. 89-90. — URL: https://moluch.ru/young/archive/57/3001/ (дата обращения: 17.12.2024).



ХХ үйэ саҕаланыыта Саха сиригэр үөрэх, литература, култуура, олох-дьаһах сайдыытыгар бэйэлэрин кылааттарын киллэрбит, суолларын хаалларбыт дьоннорунан биһиги биир дойдулаахтарбыт А. Ф. Бояров уонна А. И. Софронов — Алампа буолаллар. А. И. Софронов — саха литературатын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, лирик-поэт, талааннаах сэһэнньит, бастакы драматург, “Чолбон” сурунаал бастакы эрэдээктэрэ, саха театрын айар аҕата, бөдөҥ общественнай деятель. А. Ф. Бояров — Саха сиригэр үөрэх, култуура уонна чэгиэн-чэбдик олох тэнийиитигэр улахан кылааты киллэрбит биллиилээх деятеллэртэн биирдэстэрэ, үөрэх наркома, тыл үтүөкэннээх маастара, талааннаах тылбаасчыт, суруналыыс, учуонай-библиограф. Саха норуота сайдыылаах, үөрэхтээх буолуутугар сүҥкэн кылааттарын киллэрбит улуу дьоммут олохторугар алтыспыт түгэннэрин, бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннарын билээри Е. П. Неймохов, В. Г. Семенова кинигэлэригэр Алампа уонна Өлөксөй Байаарап алтыһыыларын туһунан хас да түгэни буллум. Өссө кинилэр бииргэ алтыһыыларын “Таатта” хаһыаттан 1921с. сэтинньигэ Чурапчыга партията суохтар, буоластар кыраларын-дьадаҥыларын кэмпириэнсийэлэригэр В. И. Ленин историяҕа киирбит телеграмматын тутан, С. Ф. Гоголев, А. Ф. Бояров, А. И. Софронов дакылаат оҥорбуттарын туһунан булан аахтым. “Алампа” ромаҥҥа сурулларынан, 1925с Алампа кэргэнин Евдокия Яковлеваны Москваҕа көрдөрө барарыгар дьассыык чилиэнэ буоларын иһин, харчынан көмө оҥорбут. Алампа Москубаҕа сахалыы кинигэ таһаарар суукка үлэлиэхтээх, атын аймахтыы омуктар тийээтирдэрин, суруйууларын билсиэхтээх эбит. Өссө билии-көрүү кыра дии саныыр, кыаллара буоллар, эбии үөрэнэргэ Байаараптан сурук ылбыт. БСК(б)П уурааҕынан 1926с. алтынньыга «Чолбон» сурунаал маҥнайгы эрэдээктэрдэринэн саха литературатын классига, драматург А. И. Софронов, литературнай кириитик В. Н. Леонтьев уонна өрөспүүбүлүкэҕэ култуурунай тутууну бөдөҥ тэрийээччи А. Ф. Бояров буолбуттар. Сурунаал аан тылын үһүөн суруйбуттар. А. И. Софронов саха театрын дириэктэринэн ананыытыгар дьаһалын А. Ф. Бояров илии баттаан таһаарбыт. Алампа олох оргуйар үөһүгэр сырыттаҕына, сымыйа балыырга түбэһэн, доппуруос бөҕөҕө түбэспитэ. Ыар баттык санааҕа ылларан санаатын үллэстээри, тугун-ханныгын билээри доҕоругар А. Ф. Бояровка тиийбит. Доҕоро киниэхэ салгыы үлэлииригэр сүбэлиир. Бу түгэҥҥэ көстөр, Алампалаах Өлөксөй Байаарап олох ыарахан кэмигэр дьиҥнээх эрэллээх доҕордуу буолаллара, истиҥник сыһыаннаһаллара, бэйэ-бэйэлэригэр эрэнэллэр, дьиҥ ылсыбыт дьыалаларын тиһэҕэр тиэрдэр ураты дьоҕурдаахтара, төрөөбүт дойдуларыгар бэриниилээхтэрэ. А. И. Софронов 1927с. тутуллан хаайыллар, 5 сылга Архангельскайга, Иркутскайга сыылкаҕа олорор. 1933с. дойдутугар төннөн кэлэр, сэллик ыарыыттан 1935с. ахсынньы 24 күнүгэр ыалдьан өлөр. Алампа Архангельскайга хаайыыга сытан, 1929с. муус устар 28 күнүгэр “Маҥнайгы маайынан эҕэрдэ” диэн хоһоону суруйбута. Ол хоһоонун САССР үөрэҕин уонна доруобуйа харыстабылын народнай комиссарыгар Алексей Федотовичка суругар холбуу уган ыыппыта. Хаайыылаах киһи суругун баҕар ааҕыа суоҕа диэн дьиксинэ саныыр эрээри, Алексей Федотович ааҕыаҕар эрэнэр этэ. Хоһооҥҥо Алампа төрөөбүт Сахатын сирин бар дьонун маҥнайгы маайынан эҕэрдэлиир дьон олоҕо тупсарыгар баҕарар. Репрессия ыар тыына Алексей Федотовиһы эмиэ хаарыйбыта. Ол курдук эмиэ сымыйа балыырга түбэһэн, 1938с. тохсунньу 17 күнүгэр тутуллар. ССРС НКВД иһинэн Мунньаҕын 1941 сыл балаҕан ыйын 8 күнүнээҕи дьаһалынан сэбиэскэй былааһы утары тэрээһиҥҥэ кыттыгастаах диэн 8 сылга көҥүлүн быһарга ураахтанар. Үөһэ-Дьааҥы улууһугар баар “Эһэ-Хайа” көннөрөр үлэ лааҕырыгар 1942с. алтынньы 20 күнүгэр өлбүт. Иккиэн сырдык ааттара норуоттарыгар өлбүттэрин кэннэ төннүбүтэ. Саха АССР Үрдүкү суутун Президиумун уурааҕынан Алексей Федотович 1956с. от ыйын 10 күнүгэр, оттон Алампа 1962 сыл сэтинньи 15 күнүгэр буруйа суоҕунан ааҕыллаллар. Кинилэр өссө биир тэҥ өрүттээх — тылбаасчыт дьоҕурдаах этилэр. Иккиэн нуучча классик суруйааччыларын айымньыларын сахалыы саҥардыбыт, тыыннаабыт үтүөлээхтэр. А. Ф. Бояров “Көмүү маршын”, “Варшавянка”, “Эр санааны санаталаан”, “Первэй Маай”, “Ыстаалын”, А. М. Горькай “Ийэ”, А. С. Пушкин “Евгений Онегин” романыттан Ленскэй ариятын, Татьяна Онегиҥҥа сурук ыытар сценатын, “Капитан кыыһа”, Глоба Ленин туһунан номоҕун, сахалыы саҥардыбыта. Петр Черных-Якутскайдыын П. А. Ойуунускай “Кыһыл Ойуун” драматын 1930 с. нууччалыы тылбаастаан, улуу Горькай үрдүк сыанабылын ылбыттара. Алампа Л. Н. Толстой “Бары хаачыстыба киниттэн”, Фонвизин “Недоросль”, А. П. Чехов “Медведь” пьесаларын, А. П. Чехов “Кэргэн кэпсэтии” (“Предложение”) диэн пьесатын, М. В. Фрунзе биографиятын, Я. Бронин “Ленин уонна революция» үлэтин, Фадеев “Разгром” аатырбыт романын тылбаастаабыта.

Түмүктээн эттэххэ, саха саарыннара А. И. Софронов уонна А. Ф. Бояров саха норуота олоҕо тупсарын, үөрэх, култуура, литература эйгэтэ сайдарын туһугар туруулаһан туран үлэлээбит, олохторун анаабыт чаҕылхай дьонунан буолаллар:

Литература:

  1. Алексей Федотович Бояров (Копии документов из фондов НБ РС(Я). 1997с. (сост. Бурцева Е. П.)
  2. БД «Жертвы политического террора в СССР”; Книга памяти Республики Саха (Якутия)
  3. В. Г. Семенова. Алампа: личность норуот историятыгар суолтата. Ситим-Медиа. Дьокуускай, 2011с.
  4. Сырдык олоххо талаһааччы: Алексей Федотович Бояров 100 сыла. Место издания. Дьокуускай. Издательство. Сапи-Торг-книга. Дьокуускай., 1997с.
  5. Е. П. Неймохов. Алампа. 1 кинигэтэ. Дьокуускай., Бичик. 2006 с.
  6. Е. П. Неймохов. Алампа. 2 кинигэтэ. Дьокуускай., Бичик. 2009 с.
  7. Г. Ф. Им. Дьон олоҕо тупсарын туһугар үлэлээбитэ // Таатта., 27.04.2017 сыл.


Задать вопрос