Өлүүнү кыайбыт кыргыттарбыт | Статья в журнале «Молодой ученый»

Отправьте статью сегодня! Журнал выйдет 28 декабря, печатный экземпляр отправим 1 января.

Опубликовать статью в журнале

Библиографическое описание:

Варфоломеева, В. В. Өлүүнү кыайбыт кыргыттарбыт / В. В. Варфоломеева. — Текст : непосредственный // Молодой ученый. — 2016. — № 29.1 (133.1). — С. 39-41. — URL: https://moluch.ru/archive/133/37279/ (дата обращения: 17.12.2024).



Пелагея Дмитриевна Борисова, Ксения Васильевна Гаврильева 1939 сыллаахха Булгунньахтаах сэттэ кылаастаах оскуолатын бүтэрбиттэр. 1940 сыллаахха улахан куонкуруһу ааһан Саха сириттэн 33 талааннаах ыччат иһигэр хапсан Ленинградка А.Н. Островскай аатынан театральнай институкка үөрэнэ тиийбиттэр. Бастакы курсу бүтэрэр бүтэһик экзаменнарын ситиһиилээхтик туттаран ахтылҕаннаах төрөөбүт дойдуларыгар сынньана баралларыттан үөрэн көтүөхтэрин кынаттара эрэ суоҕа. Улуу куорат чуумпу түүнүгэр дуоһуйа күүлэйдээн баран минньигэстик утуйан буугунуу сыппытар. Хантан билиэхтэрэй кинилэр 1941 сыл бэс ыйын 21 күнэ эдэрдии эрчимнээх студенческай олохторугар бүтэһик күн буоларын, үөрүү-көтүү өр сылга «саҕахха саспытын, туос аччык дириҥ баас дууһаҕа оспоттук иҥиэҕин»?! Сэрии уоттаах илдьитэ буолар дьылҕаламмыт Арҕаа Хаҥалас Сата нэһилиэгиттэн төрүттээх, Ленинград блокадатын кыттыылааҕа Ксения Гаврильева ахтыыта: “Бүгүн биһигини ньиэмэс сөмөлүөттэрэ противотанковай иини хаһа сылдьар дьону ытыалаатылар. Дьон сиргэ, омуһахха саспыттара, оскуолкалар үрдүбүтүнэн иһиирэн ааһаллара . Аһылыкпыт тымныы уу, килиэп. Хонууга от-мас төрдүгэр 4-5 чаас устата утуйарбыт. Буомбаттан куттанан дэриэбинэ5э утуйбаппыт. Хас мүнүүтэ ахсын алдьархай күүтэрэ. Киэһэ 7 чаас са5ана үлэттэн бары саллаһан хонук сирбитигэр баран истэхпитинэ эмискэ өстөөх истребителэ пулемет уотун аспыта. Биһиги «омуһах сиргэ!» диэн хаһыыны истээт турар сирбитигэр сыппыппыт, сорохтор дьиэ хаххатыгар куоппуттара.

Түүн 12 чааска барыбытын уулуссаҕа парад курдук туруорбуттара, чып харана, арай самолет тыаһа иһиллэр, ону прожекторынан көрдүүллэрэ. Ол турдахпытына эмискэ үрдүбүтүнэн ракета уота сандаара түспүтэ, эмискэ приказ биэрбиттэрэ «бары 1-2 киһи буола-буола Ленинград диэки куотун!» диэн. Сүр үлүгэрдик сүүрэн ойуурга киирбиппит, сиик-хаһыҥ түспүт этэ, бары ыһыллан хаалбыппыт. Халлаан сырдыыта институкка тиийбитим. Отопление суох, электричество суох, уу суох, ол иһин таһырдьаттан бөхтөөх хаары кыһыйан ыстакааҥҥа ириэрэн таҥаһынан сиидэлээн иһэрбит, ыстакаан аҥара буор-сыыс буолара. «Буржуйка» диэн кыра тимир оһохпутун оттор мас суох, ол иһин тоҥон өлөн барымаары кистээн олоппостору эрбээн оттор этибит. Бары хоргуйан хос иһигэр нэһиилэ хаамар этибит. Хаһан эмэ фроҥҥа сылдьар уолаттарбыт кэлэн көрсөн бараллара. Массыына угунуоҕун курдук хойуу мааһы консерва бааҥкатыгар кутан а5алан биэрдэхтэринэ ону чүмэчи гынан уматар этибит. Килиэп нуормата 125 грамм буолбута. Итинтэн атыны киһи ыйыстара туох да суох этэ, хоргуйааһынтан студеннар өлүтэлээн барбыттара. Вера диэн кыыс «Аан аһыллыа, оччо5о уолаттарбыт бары өлүөхтэрэ...» диирэ. Монастырева Тася аччыктаан бүтүннүү иһэн хаалбыта. Сүрдээх бэһиэлэй, хап-хара харахтардаах кыраһыабай кыыс этэ.

Биирдэ институппутуттан Поля Борисовалыын нэһиилэ өйөһөн доҕотторбутун көрсөн кэлэн испиппит, ытыалааһын сүр этэ, арай хайдах эрэ аҥар өттө үлтү тэптэриллибит дьиэҕэ кэллибит. «Хайдах хайдаҕый, биһиги стационарбыт дуу, атын дуу, туох алдьархайай?»- диэн бэйэ-бэйэбитин көрсүһэн туран уолуйан хааллыбыт. «Дьэ иэдээн, оҕолорбут сордоохтор бүттэхтэрэ»- диэн баран ытаһа-ытаһа туох баар кыахпытынан хаамсан стационарга киирбиппит. Уолаттар сытар хосторун аанын снаряд тоҕу көтөн барбыт этэ. Ити алдьархай 1942 сыл олунньу 15 күнүгэр буолбута. Миша Климонтов кыайан саҥарбат буолуталаан ылбыта, сарсыарда 6 чаас 50 мүн. өлбүтэ. Хара кырыыстаах сэрии! Снаряд хосторугар түспэтэҕэ буоллар Миша баҕар тыыннаах буолуо этэ. Биһиги уолаттарбытыттан ити институт истиэнэтигэр тыыннаах ким да орпотоҕо.

Ол кэмтэн ыла 22 сыл ааста да умнубаппын. Ити охсууттан көнө илик курдукпун, таптыыр идэбэр ылбатахтара. Бурнашев Мишаны олунньу ый 27 күнүгэр сарсыарда массыынаҕа олордон илдьэ кэлээрибит сыҕарытан тас ааҥҥа таһаарбыппыт, илиитэ, атаҕа хамсаабат буолбут этэ. Хараҕын уута иэдэһинэн таҥнары сүүрэн түһэр этэ… Ити барыта сэрии онорбут соро… Институт директора Миша Бурнашеву агдатыттан көтөҕөн киллэрэн институт бестибюлун ортотугар туруоран кэбиспитэ. Олунньу 27-гэр массыына5а тиэллэн Финляндскай вокзалга кэлбиппит. Килиэп биэртэлээбиттэрэ, ол килиэппит сыта оо, үчүгэйиэн , субу-субу быһа ытыран сии сатыырбыт” [1].

Сүрдээх-кэптээх ыар дьылҕаламмыт блокаднай Ленинград көмүскэлигэр Ι Малдьаҕартан төрүттээх эдэркээн Полина Борисова күүһүн харыстаабакка кыттыбыт: харах госпиталыгар санитарканан үлэлээбит, бааһырбыт саллааттарга ырыа ыллаан, спектаакыллартан монолог ааҕан концертарга өрүү кыттар эбит. «Ол дьулаан кэми санаатахпына самолеттар куугунаан көтөн кэлэр тыастара кулгаахпар билигин да иһиллэр. Мин дьүөгэлэрбин кытта баһаары утары охсуһар командаҕа үлэлээбитим. Салгын түрүбүөгэтэ буолла да дьиэ үрдүгэр аналлаах постарга тахса охсон хас өстөөх самолета киирбитин биллэрэр, умайар бомба түстэҕинэ умуруорар соруктаах этибит. Биирдии сырыыга өстөөх сүүстэн тахсалыы самолета көтөн кэлэрэ.1941 сыл атардьах ыйын 20 күнүттэн өстөөх куораты иилии эргийбитэ, ас-үөл баранан аччыктааһын саҕаламмыта. Өлө сытар дьонтон көп өттүн элийэн ылан сээкэйгэ буккуйан сииллэрэ. Уулуссаларга киһи өлүгүн атыллаан сылдьар быһыы буолбута» диэн Пелагея Дмитриевна Борисова аахтыытыгар суруйбут [2]. Полина Борисова дьүөгэтэ Таня Монастырева кылгас олоҕун бүтэһик түүнүгэр «таптыыр ырыаларбытын ыллыахайыҥ» диэн көрдөспүтүгэр «Ньургуһуннары» ыллаабыт. Дойдуларын санаан харах уута халыйа сүүрэн ырыа ситэри ылламматах. Пелагея Дмитриевна орто кыыһа Анастасия Соловьева ахтыытыгар: «Ийэбит блокада туһунан кэпсээри гыннаҕына хараҕа ууланан, куолаһа кэһиэҕирэн хаалара. Арай биири кэпсээбитэ өйбөр хатанан хаалбыт. Кострома куорат балыыһатыгар суунар хоско сууна турбут. Көрдөҕүнэ тэйиччи соҕус киниттэн уонча сыл аҕа дьахтар сууна сылдьар үһү. Ийэм көрдөҕүнэ көрөр, ымайдаҕына ымайар. “Бэйэбэр дылы эрэйдээх, эмиэ Ленинградтан иһэр быһыылаах, бээ, саха курдук, баран кэпсэтиэххэ” диэн баран утары барбыт. Онто дьахтара эмиэ кини диэки утары хаампыт. Арай өйдөөн көрбүтэ сиэркилэ эбит. Үөрэнэ тиийэригэр эттээх- сииннээх кыыс уҥуохтаах-тириитэ эрэ хаалан уон төгүл кырдьыбыт көрүҥүттэн наһаа соһуйан, куттанан ытыы олордоҕуна медсестра кэлэн ааттаһан уоскуппут.

Ийэбит 1948 сыллаахха диэри Саха театрыгар артыыһынан, онтон Чурапчы Мындаҕаайытыгар детдомҥа үлэлээбитэ. Манна олоҕун доҕорун, аҕабытын Соловьев Андриан Тимофеевиһы көрсөн ыал буолбут. Аҕабыт эмиэ сэрии кыттыылааҕа. Кини 19-с хайыһардьыттар бригадаларын снайпера, биир сэриигэ иккитэ төхтүрүйэн барбыт сэдэх байыас буолар. Кэлин даҕаны ийэбит сыанаттан түспэт артыыска этэ. Театр, искусство эйгэтигэр үөрэнэ сылдьыбыт диэх курдук «Ини - бии» драматтан ийэ монологун толордоҕуна дьон ытаһа, «Күкүр уус» оруолун оонньоотоҕуна көрөөччү күлэн «быара суох» буолара» [3].

Борисова Пелагея Дмитриевна, 7 оҕо күн-күбэй ийэтэ, баара-суоҕа 56 сааһыгар айыы сириттэн арахпыт. Кини ыллаабатах ырыаларын, оонньооботох оруолларын оҕолоро, сиэннэрэ салгыыллар. Ол курдук Руслан үгүс оҕону ырыаҕа – тойукка уһуйбут элбэх ырыа автора, ансамбль салайааччыта. Альбина Уус-Алдан «Найахылар ыллыыллар» диэн хор солистката, кыра кыыс Лена культура үлэһитэ, I Хомустаахха бэйэтэ мини-театрдаах, Булгунньахтаахха олорор сиэнэ Евгений Соловьев эмиэ эбэтин утумнаан дэгиттэр талааннаах үҥкүүһүт, ырыаһыт.

Ксения Васильевна Гаврильева Ленинград блокадатын кэнниттэн бухгалтердар курстарын бүтэрэн араас үлэҕэ улэлээбит, 3 оҕолоох, 8 сиэннээх, 12 хос сиэннээх. 2002 с. Аммаҕа көмүс унуоҕа хараллыбыт.

Дьылҕа тыйыс ыйааҕынан уот оҕуурга түбэспит, сүрдээх-кэптээх сэрии сүллүгэһин тулуйбут дьоммутун Гаврильева Ксения Васильевнаны, Борисова Пелагея Дмитриевнаны өлүү хас хардыыларын аайы күөйбүт да мүлчү-халты туппут. Кинилэр олоххо дьулуурдара өссө күүһүрэн тоҥ хаарга сибэкки буолан үүммүттэринэн - сирдээҕи аналларын толорон тапталлаах кэргэн, ийэ буолар дьолу билбиттэринэн, оруоллары да оонньообуттарынан биир дойдулаахтара киэн туттабыт.

Туһаныллыбыт матырыйааллар:

  1. Гаврильева К.В. ахтыыта, Булгунньахтаах оскуолатын музейын фондатыттан.
  2. Борисова П.Д. ахтыыта, Булгунньахтаах оскуолатын музейын фондатыттан.
  3. Соловьева А.А. ахтыыта, Соловьевтар дьиэ кэргэннэрин архыыптарыттан.
  4. Оскуола музейын фондатыттан хаартыскалар.
Основные термины (генерируются автоматически): борисов, Ленинград, бар, баран.


Задать вопрос