Дьиэтээҕи усулуобуйаҕа араас уопуттары оҥоруу | Статья в журнале «Юный ученый»

Отправьте статью сегодня! Журнал выйдет 28 декабря, печатный экземпляр отправим 1 января.

Опубликовать статью в журнале

Автор:

Научный руководитель:

Рубрика: Спецвыпуск

Опубликовано в Юный учёный №5 (57) май 2022 г.

Дата публикации: 07.04.2022

Статья просмотрена: 22 раза

Библиографическое описание:

Владимирова, Валерия. Дьиэтээҕи усулуобуйаҕа араас уопуттары оҥоруу / Валерия Владимирова, Н. Н. Игнатьева. — Текст : непосредственный // Юный ученый. — 2022. — № 5.1 (57.1). — С. 21-22. — URL: https://moluch.ru/young/archive/57/2905/ (дата обращения: 17.12.2024).



Үлэм сыала: убаҕас уонна кытаанах веществоларынан уопут оҥоруу.

Соруктарым:

1. «Вулкан эстиитэ», «Лава лаампата», «Слайм», «Кристаллар» диэн химическэй эксперименнэри оҥоруу;

2. Араас уопуттары оҥорон, саҥаны билиигэ дьулуһуу.

Тулалыыр эйгэбин кэтээн көрөрбүн, кыракый чинчийиилэри оҥорорбун туохтааҕар да ордоробун.

Маннайгы уопут: «Вулкан эстиитэ».

Биһиги сирбитин персигы кытта тэҥнээн көрүөххэ сөп: таһа хахтаах, иһигэр косточка баар. Сирбит эмиэ хахтаах — земная кора диэн ааттаах. Онтон мантия кэлэр. Ол персик аһа буолуон сөп. Сирбит киинигэр — ядро баар. Ядроҕа чугаһаан истэххэ итийэн иһэр. Манна температура 5000 градус итии.

Вулкан диэн тугуй? Вулкан диэн улахан баҕайы хайа, оройугар воронка курдук дьөлөҕөстөөх. Ону кратер дииллэр. Хайа анныгар ууллубут магма баар (масса горных пород). Магма ыгыллан үөһэ тахсар уонна таһынан тохтор. Ону лава дииллэр. Лава наһаа итии буолан оннооҕор улахан таастар ууллаллар. Вулкан эһиннэҕинэ күл, буруо, газ, пар, лава тахсар.

Ол курдук Везувий вулкан Италияҕа баар, Индонезияҕа Кракатау вулкан, Россияҕа — Ключевая сопка, Фудзияма вулкан Японияҕа баллар.

Биһиэхэ уопут оҥорорго наада: водород перекиһэ, иһит сууйар «Фери», ас красителя, доруоһа, уу.

Иһиппитигэр водород перекиһин кутабыт, онтон фери уонна аһылык красителин кутан буккуйабыт.

Туспа иһиккэ 2 остолобуой ньуоска сылаас ууга биир чайнай ньуоска доруоһа кутан суурайабыт уонна маҥнайгы иһиппитигэр кутабыт.

Быһаарыы: манна химическэй реакция барар.

Холобур: газированнай уулаах иһити өр суумкаҕа илдьэ сылдьан баран астахха күүгэннирэн таһынан тохтор. Тоҕо диэтэххэ наһаа элбэх газ мустар. Вулкан эстиитэ эмиэ оннук.

Иккис уопут «Лав а ла а мп ата »:

Иһиппитигэр улахан аҥарынан мас арыыта кутабыт. Онно уу уонна пищевой краситель. Буккуйабыт. Онтон икки таблетка шипучий аспирин кутабыт. Наһаа кыраһыабай көстүү буолар!

Уу уонна арыы араас эттиктэр буоланнар буккуйдахха сатаан холбоспоттор. Оттон шипучай аспирин эбэн биэрдэхпитинэ ууллан углекислай газ таһаарар уонна уба5аспытын хамсатар.

Үһүс опыт : «Слайм о ҥоруу »

Биһиэхэ наада буолар натрия тетрабората раствор в глицерине уонна силикатный клей. Иһит ылабыт, онно клейбытын барытын ыгабыт. Слайммыт хайдах өҥнөөх буоларын быһаарабыт уонна гуаштан кыратык кутабыт. Булкуйабыт. Онтон натрия тетрабората раствору кыралаан кута-кута булкуйабыт уонна тиэстэ курдук мэһийэбит. Биһиги күөх уонна розовай өҥнөөх слаймнары оҥордубут.

Төрдүс опыт: «Кристалы оҥоруу»

Кристалл (греческэй тылтан «криос» — лёд диэн) — кытаанах эттик, имеющее форму правильных многогранников. Кумах, туус, саахар, хаар уонна муус — кристаллар. Кристаллары туһаналлар: аска, тутууга, информационнай эйгэҕэ.

Кристаллар араас буолаллар. Сорох кристаллар сир анныгар дириҥник сыталлар, кинилэр киһисаҕа буолаллар уонна хас да метрэ кэтиттээх буолуохтарын сөп. Сорох кристаллар сип синньигэс буолаллар, кинилэр кумааҕы лиис чарааһын саҕалар.

Туустан кристалл үүннэрдим: итии ууга булкуйа-булкуйа, кыайан суураллыбат буолуор диэри туус кутабыт. Танас баайар түү сабы туустаах уулаах ыстакааҥҥа уган баран хас да хонукка туруорабыт. Ууга элбэх тууһу кутан суурайдахха, онтон кристалл үүнэн тахсар эбит.

Таас иһиккэ итии уу кутабыт, онно медный купорос (сульфат меди) диэн суурадаһыммытын буккуйа-буккуйа кутабыт, онтон сиидэлиибит. Быа5а кыра о5уруо баайан баран уулаах иһиппитигэр быанан түһэрэбит уонна ууран кэбиһэбит. Биир ый курдугунан кристалбыт үүнэн тахсыбыта.

Химическэй уопуттары оҥорууга дэҥтэн сэрэнии техникатын тутуһабыт:

1.Уопут оҥорорго ас иһитин туттубаппыт, оннук иһиттэн аһаатахпытына сүһүрүөхпүтүн сөп.

2. Уопут оҥорор кэмҥэ аһыыр көҥүллэммэт, эмиэ сүһүрүөххэ сөп.

3. Билбэт реактивтарбытын кытта үлэлээбэппит.

4. Туттар суурадаһыммытын кыра о5о тиийбэт сиригэр уурабыт.

5. Уопут оҥорон бүттүбүт да, үлэлээбит сирбитин хомуйабыт, илиибитин кичэйэн суунабыт.

Үлэм түмүгэ:

1.Дакылаатым үлэтэ наһаа интэриэһинэй буолла.

«Извержение вулкана», «Лавовая лампа», «Слайм» уонна «Кристаллы» диэн опыттары оҥорон араас веществолары холбоотоххо химическэй реакция барар эбит диэн биллим.

2.Дьиэтээ5и усулуобуйа5а араас опыттары оҥорон олус интэриэһинэй көстүүлэри көрүөххэ сөп эбит.

Литература:

  1. Болушевский С. Веселые научные опыты для детей и взрослых.. 2012.
  2. Качур Е. Увлекательная химия 2019.
  3. А. А. Плешаков Учебники общ. школ “Окружающий мир” в двух частях 1–4 классы.. 2015.


Задать вопрос