Улуу Кыайыыны уһансыбыт эһэм С.А. Кондратьев бойобуой суола | Статья в журнале «Молодой ученый»

Отправьте статью сегодня! Журнал выйдет 28 декабря, печатный экземпляр отправим 1 января.

Опубликовать статью в журнале

Автор:

Рубрика: Спецвыпуск

Опубликовано в Молодой учёный №17 (97) сентябрь-1 2015 г.

Дата публикации: 11.09.2015

Статья просмотрена: 110 раз

Библиографическое описание:

Иванова, И. Б. Улуу Кыайыыны уһансыбыт эһэм С.А. Кондратьев бойобуой суола / И. Б. Иванова. — Текст : непосредственный // Молодой ученый. — 2015. — № 17.1 (97.1). — С. 24-26. — URL: https://moluch.ru/archive/97/21951/ (дата обращения: 17.12.2024).

 

 

Сыл-хонук ааһан истэҕин аайы, Аҕа дойдуну көмүскүүр улуу сэриигэ биһиги норуоппут Кыайыытын историческай суолтата күүһүрэн иһэр.

Аҕа дойдуну кѳмүскүүр Улуу сэрии кыттыылааҕа, «Кыһыл сулус», «Албан аат» III степеннээх уордьаннардаах, «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин иһин», «Германияны кыайыы иһин» мэдээллэрдээх хорсун саллаат, САССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун Бочуотунай Грамотатынан үс тѳгүл наҕараадаламмыт хоһуун үлэһит С.А. Кондратьев бойобуой сырыыларын, олоҕун, үлэтин, дьиэ кэргэнин туһунан кэпсиир кинигэ Семен Антонович тѳрѳѳбүтэ 100 сылыгар уонна Улуу кыайыы 70 сылларыгар ананан таҕыста. Кинигэ ааптара, редактора ССРС, РФ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, Саха Республикатын үтүѳлээх үлэһитэ Александр Васильевич Васильев - Кѳрдүгэн буолар. Кинигэ матырыйаалларын, хаартыскалары, ахтыылары Семен Антонович оҕолоро, сиэннэрэ хомуйан биэрдилэр. Кинигэҕэ 15 биир дойдулаахтарын, аймахтарын, доҕотторун, сэрииттэн бииргэ эргиллибит бэтэрээннэр ахтыылара, 50 хаартыскалар киирдилэр. Ону таһынан, оҕолорун үс анабыл хоһоонноро, уола СР култууратын туйгуна Н.С. Кондратьев (рис.1) Кыайыыга, сэриигэ, аҕатыгар аналлаах 7 ырыата матыыптаах киирдилэр.

Нэһилиэк маҥнайгы комсомолеһа буолан, үөрэҕэ суохтары ааҕарга-суруйарга үөрэтэ сылдьан, баҕа өттүнэн сэриигэ бастакы хомуурга 1941 с. 26 саастааҕар барбыт. Бүлүү өрүс уута түһэн, балаҕан ыйын 5 күнүгэр Сунтаартан хоҥнон, Ленскэй оройуонун Туруктатыгар диэри сатыы барбыттар. 600-тан тахса киһи. Иннилэригэр таһаҕастары, иһити-хомуоһу ындыыламмыт 80 ат барбыт.

F:\2015_04_24\IMG_0005.jpg

Рис. 1. Уоттаах сэрии кыттыылааҕа Семен Антонович Кондратьев

Ити курдук, 26 көс сири 7 хонук хааман, Өлүөнэ өрүскэ тиийбиттэр. Онтон Дьокуускайтан Ленин борохуотунан Усть-кут бириистэнигэр тиийэн баран, таһаҕас тиэйэр массыыналарынан Заярскайынан, Иркутскайга тиийбиттэр. "Дивизионная" станцияҕа кылгас кэмнээх байыаннай үөрэххэ үөрэнэн баран, поеһынан уотунан уһуура, буорунан бурҕайа турар Старай Русса туһаайыытынан түбэспитэ. II Белорусскай фронт 129-с стрелковай дивизиятыгар сатыы полкаҕа автоматчигынан сулуспалаабыт. 1941 сыл ахсынньы бүтүүтэ биһиги сэриилэрбит саамай чугуйа турар кэмнэрэ эбит.

Бу кинигэ интэриэһинэйэ диэн - "Ол суостаах сылларга..." диэн салаатыгар фронтовик С.А. Кондратьев Улуу Кыайыы 30 сылыгар анаан 1975 сыл олунньу 17 күнүгэр сурукка тиһэргэ кэпсээбит уһун ахтыыта баар. Ахтыыны кыраайы үөрэтээччи Николай Егоров суруйбут. Манна эһэм сэриигэ хайдах ыҥырыллыбытын, Сунтаартан кимнээх баалларын, биир дойдулаахтарын, хайдах айаннаан тиийбитин, сэриилэспитин - бука барытын сиһилии суруйбут. Сэрии толоонуттан ыыппыт суруктарын Күндэйэҕэ ыал ампаарыттан эмиэ Н.В. Егоров алҕаска булан дьонугар тиксэрбитэ. Онон, бу кинигэ сүрдээх интэриэһинэй ис хоһоонноох.

Эһэм фроҥҥа сылдьан 1944 с. партияҕа киирбитэ. Кини "Кыһыл сулус" уордьаны Орел куораты ылыыга хорсунун иһин ылбытын билэбит. Оттон ефрейтор Кондратьев С.А. 669886 №-дээх Албан аат III степеннээх уордьанынан  наҕараадаланарын туhунан 129 Орловскай стрелковай дивизия 1944 сыл атырдьах ыйын 11 к. Бирикээһигэр баар.

 

 

F:\2015_04_24\IMG_0004.jpg

Рис.2 Ол уоттаах сэрии түгэннэрэ

Наградной лиискэ маннык суруллубут: "В боях с немецким захватчиком тов. Кондратьев С.А. ведет себя смело и уверенно. В бою за гор. Волковыск 14.07.44 он первым из своего отделения ворвался в город, в уличных боях из автомата убил 4-х немцев. Был ранен, но с поля боя не ушел. За проявленное мужество и отвагу в боях с немецкими захватчиками тов. Кондратьев достоин Правительственной награды ордена "Славы III степени". Онтон бэйэтэ ахтарынан көрдөххө, эһэм сэмэй майгылаах эбит: “Төгүрүктээһинтэн тахсарбытыгар полкабыт бойобуой знамятын, штаб докумуоннарын барытын илдьэ кэлбит этибит ... Сотору наҕараада туппутум. Арааһа, ротам хамандыыра били суолга бэлиэтии көрбүтүнэн наҕараадаҕа түһэрдэҕэ дии саныыбын” [1, 27 с.].

Эһэм  383981 №-дээх "Бойобуой үтүөлэрин иһин" мэдээлин 1943 сыл атырдьах ыйыгар наҕараадаламмытын туһунан бу курдук Бирикээскэ суруллубут: "10. Стрелка стрелкового батальона красноармейца Кондратьева Семена Антоновича за то, что он за время боев с немецкими захватчиками показал себя смелым и решительным, все время находясь на поле боя, действую с командиром роты. В это время командира роты тяжело ранило. Несмотря на то, что противник вел ураганный огонь  по ихнему расположению, тов. Кондратьев, спасая раненого командира роты лейтенанта Шапкина, вынес его на своих плечах в укрытое место, разыскал санитаров, эвакуировал раненого командира с поля боя, а сам вернулся на свое боевое место".

371499 №-дээх “Хорсунун иһин” мэдээли ньиэмэс обер-лейтенанын билиэн тутан хорсун быһыыны оҥорон ылбыт эбит [1, 33 с.]. Бу кыргыһыы туһунан кинигэҕэ эһэм ахтыытыгар барыта сиһилии суруллубут, уопсайынан, эһэм ахтыытын ааҕа олорон эһэбинэн киэн туттар санаа кынаттыыр, эһэм хорсун, тулуурдаах, күүстээх, киһи быһыытынан дьиҥнээх киһи эбит диэн олус киэн туттабын.

Кини Кыайыы күнүн Белоруссияны, Польшаны ааһан Германияҕа көрсүбүтэ. Икки бойобуой уордьаннаах, 3 мэдээллээх хорсун саллааты НКВД анал чааһыгар хаалларбыттар. Сэбиэскэй сэриилэргэ бэриммэккэ сылдьар ньиэмэс саллааттарын офицердарын ирдиир, суох гынар сыаллаах этэрээккэ. Кэрээннэриттэн тахсыбыт фашистар харса суох утарыһаллара.

Германияга өстөөх тобохторун суох гыныыга анал чааска сылдьан, 1945 сыл бүтүүтүгэр биирдэ төрөөбүт Сахатын сиригэр төннөр. Кини төһө да сэрииттэн иккитэ контузияланан, балтараа ый өстөөх төгүрүктээһинигэр сытан, биэстэ бааһыран, иккис группалах инбэлиит буолан кэллэр, орто салайар үлэлэргэ сылдьан үс төгүл Верховнай Совет Бочуотунай Грамоталарынан наҕараадаланар. Сэриигэ ылбыт өстөөх снарядын оскуолагатыттан 1981 с. өлбүтэ олус хомолтолоох.

Хос эбэм Макарова Александра Ивановна тыылга 1 га 7 дэһээтэй оту мунньан, түүнүн саллааттарга ичигэс таҥас тигэн Кыайыыны уһансыбыт туруу үлэһит буолар. Эбээлээх эһээм 5 оҕолоохтор, 25 сиэннээхтэр, 28 хос сиэннээхтэр. Кинилэр ааттара хаһан да умнуллубат!!!

Онон "Саха саллаата Сэмэн Кондратьев" диэн "Көмүөл" кинигэ издательствотыгар тахсыбыт саҥа кинигэ матырыйаала элбэҕинэн, ис хоһооно баайынан ханнык баҕарар ааҕааччы болҕомтотун тардыа диэн эрэнэбин, эдэр ыччаттарбытыгар дьоһуннаах бэлэх буолар кинигэ. Бу кыра ыстатыйабын эһэм тылларынан түмүктүүбүн: "Сир Ийэҕэ уол оҕо буолан төрөөбүт иэспин төһө кыалларынан толорон, Ийэ дойдум саамай ыарахан кэмигэр саллаат сиэрэй синиэлин кэтэн, илиибэр саа-саадах тутан, хааммын тоҕон туран көмүскээбиппинэн киэн туттабын. Мин Турукта суолуттан саҕаламмыт, Германияҕа тиийэ бойобуой суолум көбүс-көнө буолбатах этэ. Элбэх бойобуой доҕотторбун сүтэрбитим, кинилэр олохторун мин ситэриэхтээхпин, мин ыччаттарым ону салгыыр аналлаахтар... Сир үрдүгэр алдьархайдаах сэрии хаһан да буолбатын, харах уута тохтубатын туһугар туруулаһыҥ, тыыннаахтар, күндү доҕоттоор!"

 

Литература:

  1. Саха саллаата Сэмэн Кондратьев. – Дьокуускай: Кѳмүѳл, 2015. – 102 с.
  2. Приказ 457 стрелкового полка 129 дивизии 63 Армии Брянского фронта от 2 августа 1943 года № 020
  3. Приказ ПО 129 стрелковой Орловской дивизии, 3 Армии от "11" августа 1944 года № 0143/н
  4. Архив ЦАМО. Фонд 33. Опись 690155. Ед.хранения: 3780. № записи: 32677049. Наградной лист от 31 июля 1944 года

1

 

Основные термины (генерируются автоматически): III, поле боя.


Задать вопрос